Бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр, Чурапчы нэһилиэгин Ленин болуоссатыгар Кыайыы былааҕын күөрэччи көтөҕүү сиэригэр-туомугар сэрии-тыыл бэтэрээннэрэ, улууспут, нэһилиэкпит салайааччылара уонна элбэх ыччат дьон сырыттылар.

Быйыл Улуу Кыайыы 79 сылын бэлиэтиибит. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ол кырыктаах Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт буойуттартан билигин баар-суоҕа 13 киһи тыыннаах. Былааҕы көтөҕөр чиэскэ тигистилэр: Дархан кыһатын “Беркут”  байыаннай-патриотическай клуб иитиллээччилэрэ, знамяны көтөҕөн киллэрдэ 10 кылаас үөрэнээччитэ Василий Пономарев.

Тэрээһин сүрүн чааһыгар Чурапчы нэһилиэгин Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 1000-тан тахса үөрэнээччитэ, педагогическай састаап Ленин аатынан уулусса устун Кыайыы күнүн уруйдаан сэлэлии хааман кэлэннэр, үс ырыаны толору хуордаан иһитиннэрдилэр.

Мустубут бэтэрээннэри уонна ыччаттары “Чурапчы улууһа” МТ баһылыга Степан Саргыдаев, “Чурапчы улууһа” МТ дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, “Чурапчы нэһилиэгэ” МТ баһылыгын 1-кы солбуйааччы Уйгулан Туласынов эҕэрдэлээн, тыл эттилэр. Кинилэр сэрии тосхойбут алдьархайын уонна Кыайыы суолтатын чорботон бэлиэтээтилэр.

 

“Биһиги дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эппитин курдук бары бииргэ буолуоҕун, Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа! Бүгүн элбэх оҕо-ыччат мустубут, маннык ыччаттардаах норуот хаһан даҕаны өлөн-охтон биэриэ суоҕа. Улуу Кыайыынан!” – диэн Степан Анатольевич бэйэтин эҕэрдэтигэр эттэ.

Рейхстаг үрдүгэр 73 сыл анараа өттүгэр I Белорусскай фронт 3-с охсуулаах аармыйатын 79-с стрелковай куорпуһун 150-с Идрицкэй стрелковай дивизиятын штурмовой былааҕын сержаннар Мелитон Кантария уонна Михаил Егоров таһааран, күөрэччи анньыбыттара фашизм букатыннаахтык самнарыллыбытын туоһулаабыта.

Бу былаах Кыайыы знамята суолталаммыта итиэннэ аан дойду судаарыстыбаларын үйэ-саас тухары иллээх-эйэлээх олоххо угуйа-ыҥыра туруоҕа.

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ