Быйыл, ахсынньы ыйын 1-3 күннэригэр ыччаттар ортолоругар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Күөн күрэс” этно-бэстибээл Дьокуускай куорат “Модун” успуорт уораҕайыгар ыытыллара былааннанар.
Бу маннык олус уустук көрүҥнэрдээх күрэхтэһиигэ Чурапчы улууһуттан Чакыр, Кытаанах, Сылаҥ уонна Соловьев нэһилиэгиттэн ыччаттар кэлэннэр ким бастыҥын быһаарсан эрэллэр.
“Улууска бүгүн ыытыллар күрэхтэһиигэ 20-лии киһилээх түөрт нэһилиэк кэллэ. Бу манна кыайбыттара өрөспүүбүлүкэҕэ кытта барыахтаах. Барыта холбоон тоҕус көрүҥ: кырынаастааһын (3 уол), ойбонтон уулааһын (2 уол, 1 кыыс), мүһэ былдьаһыыта (2 уол, 1 кыыс), кириэс тэбии (1 уол, 2 кыыс), көтөх ынаҕы туруоруу (2 уол, 1 кыыс), былыргылыы хабылык, хаамыска (2 уол, 2 кыыс), тутум эргиирэ (2 уол, 2 кыыс), төрүт оҕунан ытыы (2 уол, 2 кыыс), сүгэһэрдээх эстафета сүүрүүтэ (4 уол, 4 кыыс) кыттыахтара.
Барыта төрүт сахалыы көрүҥнэр. Холобура, көтөх ынаҕы көтөҕүү диэҥҥэ биир атахтарын икки илиилэринэн ыбылы туталлар, сиргэ олороллор, олорбут атахтарын көннөрөн ол балаһыанньаларыттан туран кэлиэхтээхтэр, оччотугар 1-нэн ааҕыллар оттон иккистээн 1 мүнүүтэ устата төһөнү оҥороллорунан түмүктэнэр. Тутум эргииригэр билиҥҥи ирдэбилтэн уратыта диэн уолаттар биир мүнүүтэ хаҥас өттүгэр онтон иккис мүнүүтэлэригэр уҥа өттүгэр эргийэллэр оттон аны кыргыттан икки мүнүүтэ устата наар биир эрэ өттүгэр эргийэллэр. Былыргылыы хабылык, хаамыска уратыта олус элбэх. Ол инниттэн көрүҥнэрбитигэр 12 судьуйа анаан-минээн үлэлиэхтэрэ. Кыайыылаахтарга наҕараадалара олус үчүгэй, 1 миэстэ буолбукка бильярд остуола, иккис миэстэҕэ тиэннис остуола оттон үһүс миэстэҕэ ыспартыыбынай мини-табло”, — диэн күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Владислав Кривошапкин билиһиннэрдэ.
Хамаандалар бука бары толору састааптаах, ох курдук оҥостон кэлбиттэрэ көстөр, нэһилиэктэрин былааҕын, ыспартыыбынай көстүүмнэрин кэппиттэр.
“Ыччаттар ортолоругар буолуохтаах этно-бэстибээлгэ ирдэбиллэрэ чуолаан тыа сириттэн диэн о.э. улуус кииннэрэ кыттыыны ылбаттар. Былырыын “Боотурдар” Оонньуулара диэн байыаннай-патриотическай күрэхтэһии ыытыллыбыта, быйыл буолбата.
Ол оннугар ыччаттарга аналлаах этно-бэстэбээл диэн аан бастакытын сахалыы төрүт көрүҥнэргэ тэриллиэхтээх. Куоракка буолуохтаах “Күөн күрэс” бирииһин пуондата олус улахан – бастаабыкка 300 тыһ.солк, иккискэ 200 тыһ.солк, үһүс миэстэҕэ 100 тыһ.солк көрүллэр. Чурапчы – успуорт туоната буоларын быһыытынан үчүгэйдик кыттыахпыт диэн эрэллээхпит. Бастаабыт нэһилиэк өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэн улуус чиэһин көмүскүөҕэ”, — диэн улуус дьаһалтатын ыччакка отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Александра Хомус эттэ.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
Видео Наталья Сибирякова