Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан таҥас тигиитигэр ыытыллыбыт куонкурус тохсунньу 27 күнүттэн олунньу 2 күнүгэр диэри ыытылынна. Манна 7 нэһилиэктэн 6-7 чилиэннээх уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр хамаандалара кытыннылар. Куонкурус түмүгүн Надежда Ахматова салайар дьүүллүүр сүбэ таһаарда.
Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова, улуус дьахталларын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Анастасия Афанасьева, “Кыайыы ымыыта” бырайыагы сүрүннээбит Мугудай нэһилиэгин дьахталларын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Екатерина Захарова кыттааччыларга истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр: “Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар эһиги илиигит сылааһын иҥэрэн тикпит таҥастаргыт көмүскэл, харысхал буолуохтара. Ыччаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр араҥаччылыы сырыттыннар”, – диэн махтал тылларын эттилэр.
Анастасия Афанасьева бэлиэтээбитинэн, бырайыак үлэлиэҕиттэн аһынан-таҥаһынан, үбүнэн-харчынан көмө, үгүс өрүттээх үлэ ыытыллыбыт. Ол курдук, 1050 таҥас тигиллэн, бу сотору үһүс төгүлүн байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга ыытыллаары сылдьар.
Куонкурус түмүгүнэн анал номинациялар олохтоммуттар. “Кыайыыга дьулуур” анал ааты Мырыла иистэнньэҥнэрин хамаандата(сал. Надежда Хоютанова) ылла. “Үтүө санаа” анал аат дириҥнэргэ (сал.Надежда Анисимова), “Дьаныардаах хамаанда” кытаанахтарга (сал.Туяра Борисова), “Тэтимнээх хамаанда” хадаардарга тигистэ (Ирина Филиппова).
Оттон үһүс бириистээх миэстэҕэ Мугудай иистэнньэҥнэрин хамаандата (сал. Евдокия Катакова) таҕыста. Иккискэ Төлөй иистэнньэҥнэрэ (сал.Маргарита Борисова) тигистилэр. Куонкурус кыайыылаахтарынан Алевтина Колесова салайар Одьулуун уран тарбахтаахтара буоллулар. Кинилэргэ дипломнар уонна сэртипикээттэр туттарылыннылар.
Одьулуун дьахталларын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сааскылаана Эверстова: “Биһиги “Арчылаана” иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин тэринэн маннык куонкурустарга мэлдьи кыттабыт. Бу куонкуруска сүрүннээн оскуола үлэһиттэрэ, Чурапчытааҕы техническэй колледжтан икки кыыс уонна оскуола үөрэнээччитэ Луиза Неустроева буолан кытынныбыт. Биһиги түмсүүбүтүн Алевтина Колесова салайар. Үстүү көрүҥ халыҥ көстүүмнэри уонна иһинэн кэтиллэр сылаас таҥастары тиктибит. Ааспыт күһүн 15 таҥас кэмпилиэгин тигэн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар көмөбүтүн ыыппыппыт. Ыччаттарбыт этэҥҥэ сылдьан дойдуларыгар эргиллэ охсоллоругар баҕарабыт”.
Ити курдук, Чурапчы улууһун уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ кыһамньыларын ууран, өрөспүүбүлүкэҕэ да, улууска да ыытыллар маннык хабааннаах дьаһалларга көхтөөхтүк кыттан, байыастарбыт кыайыы көтөллөөх эргиллэллэрин туһугар дьоһун кылааттарын киллэрсэллэр.
Анна Захарова.