Бүгүн о.э. балаҕай ыйын 20 күнүгэр, хата халлааммыт туран биэрэн “Боотур Уус” стадион иннигэр маассабай сүүрүү кыттыылаахтара муһуннулар. Санатар буоллахха, “Кросс нации” тэрээһин 2002 сыллаахтан саҕалаан Бүтүн Россия үрдүнэн, Дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн итиэннэ “Спорт – норма жизни” өйөбүлүнэн ыытыллар. Чурапчы улууһугар сылтан-сыл кыттааччы ахсаана эбиллэн иһэр, быйыл уопсайа тыһыынчаттан тахса киһи сүүрэ таҕыста.
Дьулустан Егоров, Чурапчы улууһун дьаһалтатын физическэй култуураҕа уонна успуорка салалтатын салайааччыта: “Быйылгы сүүрүү Саха сиригэр физкултуурунай хамсааһын 100 сылыгар ананна, оттон Чурапчы улууһугар быйыл үбүлүөйдээх сүдү дьоммутугар Дмитрий Коркин, Афанасий Софронов, Константин Постников 95 сылларыгар ананар. Эт-хаан өттүнэн эрчиллээччи дьон ахсаана Чурапчы улууһугар сыллата элбиир. Кэлиҥҥи сылларга доруобуйатын көрүнэр киһи элбээтэ. Онтон эти-хааны чэбдигирдиигэ биллэн туран сүүрүү сүрүн олук буолар. Бу манна барытыгар биһиги успуорпут бэтэрээннэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэрбит бастыҥ холобур буолаллар. Оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар чэгиэн буоллахтарына ол аата улууспут инникилээх, омук быһыытынан чөл буолуохпут турдаҕа”.
Сүүрүү саамай элбэх ахсааннаах бөлөҕүнэн оскуола үөрэнээччилэрэ уонна устудьуоннар буоллулар. Салгыы оскуола оҕолорун кэнниттэн тэрилтэ салайааччылар сүүрдүлэр. Чурапчы нэһилиэгин тэрилтэлэрин, оскуолаларын салайааччылара уонунан киһи кэлэн кыттыыны ылла. Дмитрий Коркин аатынан ыспартыыбынай оскуола-интэринээт сылын аайы бу акцияҕа кыттар, быйыл да туора турбакка 300-чэкэ буолан сүүрэ кэлбиттэр.
Дархан Степанов, интэринээт-оскуола физкультураҕа учуутала: “Биһиги 5-11 кылаастары таһаардыбыт. Халлаан төһө да тымныы буоллар 300-чэкэ оҕо кэллэ. Биһиги оскуолабыт биллэн туран успуорду өрө тутар. Онон маннык хабааннаах тэрээһиннэри хаһан даҕаны көтүппэппит”.
Балысхан сүүрүүгэ бастакынан чэпчэки атлетикаҕа эрэсэрээттээх ыспарсымыаннарга старт бэрилиннэ. Сүүрэ үөрүйэх быһыйдар бу да сырыыга холку саҕалаатылар.
Сүүрүү хайысхата “Боотур Уус” стадионтан, Ленин аатынан болуоссакка диэри буолла. Дистанцията 3 килэмиэтир кэриҥэ. Маныаха улахан булгуччулаах ирдэбил суох, ким хайдах сатыырынан, үөрэммитинэн сүүрэр.
Сыыйа хас биирдии бөлөх дистанциятын түмүктээн биэтэккэ кэллэ. Тутатына 1,2,3 миэстэни ылбыттарга наҕараада туттардылар. Горнайтан төрүттээх үнүстүүт иккис кууруһун устудьуона Эрхан Михайлов быйыл иккиһин кыттар. Быйыл эмиэ анаан-минээн эрдэттэн бэлэмнэнэн, бэйэтин бөлөҕөр иккис сылын бастакы миэстэни ылла.
Эрхан Михайлов, эр дьоҥҥо сүүрүү чөмпүйүөнэ: “Былырыын баччаларга эмиэ чөмпүйүөннээбитим. Үчүгэй бэлэмнээх сүүрэр оҕолор бааллар эбит. Уопсайынан успуорт мин олохпор улахан суолталаах. Оҕо эрдэхпиттэн үлүһүйэн дьарыктанабын”.
Сүүрүү күнэ бэрт көхтөөхтүк тэриллэн барда. “Чурапчы улууһугар успуорду сэҥээрээччи, дьарыктанааччы ахсаана сыллата эбиллэн иһэр”, — диэн тэрийээччилэр этэллэр. Хас биирдиибит доруобуйатын көрүнэн, чэгиэн чөл туруктаах буоллаҕына эрэ сайдыы баар.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
Видео Наталья Сибирякова