“Айылгы” НАДь Аан дойду дьахталларын күнүгэр анаммыт тэрээһин маастар-кылаастартан саҕаланна.
Кэрэ аҥаардар чокеры оҥорууга Федора Григорьеваҕа, бэйэни макияжтаныыга Анастасия Сивцеваҕа, бэйэни массажтаныыга Анастасия Ксенофонтоваҕа, полимернай глинаҕа Анастасия Яковлеваҕа, макрамеҕа Светлана Поповаҕа уонна фотограф Наталья Борисоваҕа сырыттылар.
“Илиибин уунабын эйиэхэ” бырааһынньыктааҕы кэнсиэргэ улуус баһылыга Степан Саргыдаев уонна Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев эҕэрдэ тылларын эттилэр, тюльпан сибэккилэри бэлэх ууннулар.
“Ыллыыр ыччат”, “Айылгы” эр дьон ырыа ансаамбыла, “Дайан” үҥкүү бөлөҕө, Петр Гуляев, Илья Теплоухов, Борис Васильев, Василий Николаев уо.д.а. эҕэрдэ кэнсиэри көрдөрдүлэр.
Елена Макаринская