Чурапчыга интэринээт-оскуола түөлбэтигэр бэлиэ күн үүннэ (Алексей Шадрин бүүһүн арыллыыта. Фоторепортаж)

“Мин көлүөнэм уустук олоҕу олордо: уодаһыннаах сэрии сыллара, хоту көһөрүү. Олохпутун дьэ булунан эрдэхпитинэ уларыта тутуу, иннэ-кэннэ биллибэт ырыынак… Ол эрээри үлэни өрө тутан олохпутугар сирдэрбэккэ кэллибит”, — диэн оччотооҕуга санаатын үллэстибитэ 70 сааһын туолаары сылдьан СӨ үтүөлээх учуутала, ССРС уонна РФ физкултуураҕа уонна успуорка туйгуна, “Урожай” уопсастыба бочуоттаах чилиэнэ, ХХ-с үйэҕэ успуорт лауреата, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Алексей Спиридонович Шадрин. Кини 75 сааһын туолаат сотору 2004 сыл муус устар 21 күнүгэр бу орто дойдуттан букатыннаахтык туораабыта.

1929 сыллаахха кубулҕаттаан кулун тутар ыйын 19 күнүгэр Чурапчы улууһун Аччаҕар нэһилиэгэр Дьабыйа алааһыгар Шадриннар дьиэ кэргэттэригэр тохсус, бүтэһигинэн, уол оҕо төрөөбүтэ. Өлөксөй диэн сүрэхтээбиттэрэ. Оһоҕос түгэҕинээҕи оҕолоро, сахалыы эттэххэ, сиһин этэ ситиитэ, буутун этэ буһуута, холун этэ хойдуута 1 миэтэрэ 82 см үрдүктээх, 110 киилэ ыйааһыннаах, киһи эрэ барыта үөрэ көрөр, саха уолана буола улааппыта. Шадриннар бары даҕаны киппэ, модьу-таҕа көрүҥнээх, бэйэлэрин кыанар удьуордар этилэр.

Эргийэн-эргийэн, 1963 сыл сэтинньи саҥатыгар дойдутугар Чурапчыга кэлбитэ. Оскуола-интэринээккэ дириэктэринэн анаммыта. Оччотооҕуга оскуола баазата быстар мөлтөҕө. Ол эрээри көҥүл тустуу саҥа сайдан эрэрэ. Дмитрий Коркин манна үлэлии кэлбит кэмэ этэ. Дмитрий Петровиһы өйүөххэ, баазаны тэриниэххэ наадатын Алексей Спиридонович үчүгэйдик өйдөөбүтэ. Эмиэ учууталларын, оҕолорун түмэн, бэйэ күүһүнэн, мас кэрдэн, тиэйэн-таһан икки ыспартыыбынай сааланы уонна Дмитрий Коркин олорор тэлгэһэтигэр баар, көрбүт эрэ барыта биһириир, сайыҥҥы манеһын туппуттара. Элбэх туруорсуу түмүгүнэн 1966 сыллаахха оҕо ыспартыыбынай оскуолата саҥа босхоломмут каадырдарынан хааччыллыбыта. Салгыы икки олорор дьиэ, баанньык, таҥас сууйар дьиэ, гараж үлэҕэ киирбиттэрэ. Интэринээт-оскуола иитиллээччилэрин ситиһиитэ Саха сиригэр, Арассыыйаҕа, Сойууска, атын дойдуларга, бүтэһигэр Олимпийскай оонньууларга тиийэ дорҕоонноохтук дуораһайбыта. В. Карпов, И. Федосеев, С. Макаров, Н. Захаров, Р. Дмитриев, П. Пинигин, А. Иванов саха норуотун албан ааттаабыттара, оскуола-интэринээти “тустуу университетынан” сүрэхтээбиттэрэ. Маннык үрдүк ыспартыыбынай көрдөрүүнү ситиспит тыа оскуолата баарын күн-баччааҥҥа диэри истэ иликпит. Бу Алексей Спиридонович үлэлээбит үлэтин үрдүк чыпчаала этэ.

Сүдү киһи, улахан салайааччы, тутаачча Алексей Шадрин бүүһэ үөрүүлээх арыллыытыгар

“Чурапчы улууһа” МТ баһылыга Степан Саргыдаев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников,

Д,П. Коркин аатынан интэринээт-оскуола дириэктэрэ Станислав Захаров,

Алексей Спиридонович төрөппүт уола Алексей Алексеевич Шадрин,

СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Людмила Винокурова кыттыыны ыллылар.

 

“Дмитрий Коркин уһулуччулаах тириэньэр буоларын ким да мэлдьэспэт. Ол эрээри Алексей Спиридонович көнө сүрэхтээх атас-доҕор, салайааччы өйөбүлэ Дмитрий Петрович ситиһиитигэр улахан көмө буолбута саарбаҕа суох. Бэйэлэрин дьиэлэригэр олордо сылдьыбыттара, ыал-кэргэн буоларыгар сүбэ-ама буолбуттара, дьиэтин-уотун тэринэригэр көмөлөспүтэ, араас кэпсэтиилэргэ, туруорсууларга Дмитрий Петрович, Алексей Спиридоновиһы дурда-хахха оҥосторо, истиэнэ курдук эрэнэрэ.

Ыспартыыбынай оскуолаларга үлэлээбит сылларыгар сүүһүнэн ааҕыллар успуорт маастардара, ыспартыыбынай үктэл саамай үрдүкү чыпчаалыгар дабайбыт албан аатырбыт ыспырсымыаннар, өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатыгар биллэр кылааты киллэрсибит уонна үлэлии сылдьар дьоҕурдаах ыччаттар үүнэн таҕыстылар”, — диэн дьокутааттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Яков Павлович улахан ахтыыны оҥордо.

Алексей Шадрин үөрэҕэ суох тыа ыалыгар төрөөбүтэ, иитиллибитэ. Ынах хомуйан, ньирэй эмтэрэн улааппыта, оҕус муннун быатын соһор буолуоҕуттан от-мас үлэтигэр эриллибитэ, үлэ тыынынан тыыннаммыта, үлэни өрө туппута, үлэни олоҕун илгэтэ оҥостубута. Үлэнэн иитии педагогикатын киниэхэ төрөппүт ийэтэ-аҕата иҥэрбитэ.

Кини үлэлээбит оскуолаларыгар оҕолор эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар аналлаах баазаны бастатан туран тэрийэрэ уонна үөрэнээччилэр, иитээччилэр физкултууранан уонна успуордунан дьарыктаналларыгар кыаҕы биэрэрэ, бэйэтинэн кытта көҕүлүүрэ.

Бэйэтин норуотун муударай педагогикатын этигэр-хааныгар иҥэринэн, ону бары өттүнэн аныгы педагогическай наука ситиһиилэригэр олоҕуран салгыы сайыннаран, саҥа үүнэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ, эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга сонун суоллары арыйбыт, сүҥкэн кылааты киллэрбит ХХ-с үйэ уһулуччулаах дириэктэрэ Алексей Спиридонович Шадрин этэ диэтэхпитинэ, арааһа, алҕаһаабаппыт буолуо.

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ