Чурапчыга Хоту көһөрүү 81 сылынан кэриэстэбил миитин буолла

Хас биирдии Чурапчы улууһун олохтооҕун өйүгэр-санаатыгар 5318  сыыппара тугунан да суураллыбат гына курус устуоруйа өйдөбүлэ буолан сылдьар. Бу күн тус Хоту күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ баран төрөөбүт дойдуларыгар, хатыҥ-чараҥ алаастарыгар эргиллэн кэлбэтэх хаарыан дьоммутун, биир дойдулаахтарбытын кэриэстиибит.

Көһөрүллүү сиэртибэтэ буолбут биир дойдулаахтарбытын кэриэстээн, Чурапчы улууһун нэһилиэктэриттэн көһөрүүгэ барбыт 41 колхуос пааматынньыктарыгар, кэнэҕэски кэнчээри ыччаппыт, үйэлэргэ кэриэстээн, ахтан-санаан, сүгүрүйэн туран дойдуларын сылаас буорун куттулар.

Биһиги улууспутуттан уопсайа холбоон 41 колхуос күүс өттүнэн Хоту көһөрүүгэ барбыттара:

Алаҕартан: “Жданов” аатынан колхуостан – 139, “Чаачыгый” колхуостан – 177, “Ворошилов” колхуостан – 123, “Саҥа олох” колхуостан – 42.

Болтоҥоттон: “Кыһыл үүнүү” колхуостан – 54, “Куйбышев” колхуостан – 120, “Кыһыл сиэмэ” колхуостан – 153, “Кыым” колхуостан – 126.

Мэлдьэхситтэн: “Кыһыл сис” колхуостан – 113, “Ленин” колхуостан – 153.

Одьулуунтан: “Төҥүргэстээх” колхуостан — 80, “Орджоникидзе” колхуостан 235.

Сылаҥтан: “Кобайн” колхуостан – 229, “Чолбон” колхуостан — 33.

Төлөйтөн: “Төрүт” колхуостан — 189, “Олоххо киирии” колхуостан – 147, “Калинин” колхуостан – 165.

Хоптоҕоттон: “Андреев” колхуостан – 134.

Аччаҕартан: “Новгородов” колхуостан – 103, “Дьулурҕа” колхуостан — 87.

Бахсыттан: “Киров” колхуостан – 66, “Коминтерн” колхуостан – 178.

Белолюбскайтан: “Олоҕу тутуу” колхуостан – 132.

Мугудайтан: “Горькай” колхуостан – 198, “Октябрь 20 сыла” колхуостан – 198, “Дьэҥкэрэ” колхуостан 75.

Хайахсыттан: “Түмсүү” колхуостан – 142, “Социализм суола” колхуостан – 119, “Буденнай” колхуостан – 143.

Танда Бахсыттан: “Каганович” колхуостан – 59, “Кыһыл Танда” колхуостан 100.

Кытаанахтан: “Чкалов” колхуостан – 67, “Кыһыл иитиэх” колхуостан – 55, “Кыһыл сэрииһит” колхуостан – 83, “Ярославскай” колхуостан – 96, “Күүһү түмүү” колхуостан – 75.

Хадаартан: “Третий интернационал” колхуостан – 162, “Кыһыл кырыс” колхуостан – 156.

Хатылыттан: “Кыһыл толоон” колхуостан – 61, “Комсомол 15 сыла” колхуостан – 50, “Кыһыл армия” колхуостан – 46.

Көһөрүллүү мемориалыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэригэр-туомугар улуус Аҕа баһылыга Степан Саргыдаев, СӨ Ил Түмэн дьокутаата Дмитрий Поисеев, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, улуус дьаһалтатын ыччат салаатын салайааччыта Александра Хомус, хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, үлэ бэтэрээнэ Зоя Ягодина кыттыыны ыллылар.

Тэрээһин кэмигэр Чурапчыларыгар эргиллэн кэлбэтэх биир дойдулаахтарбыт, кырачаан оҕолор ыраас куттарын кэриэстэригэр “Хотой” интэринээт-оскуола үөрэнээччилэрэ хоһоонунан дьүһүйүүнү туруордулар.

81 сыл анараа өттүгэр улахан эрэйи олохторугар көрсүбүт, көһөрүү ыар эрэйин, кыһалҕатын көхсүлэригэр сүксүбүт биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын хаһан даҕаны умнуохпут суоҕа!

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

Видео: Наталья Сибирякова