Олунньу 12 күнүгэр А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлигэр «Хомусный код» бырайыак Чурапчы улууһугар бэйэтин үлэтин саҕалыыр аһыллыыта буолла.
Биллэрин курдук бу бырайыагы Хомус аан дойдутааҕы киинэ уонна түмэлэ иилиир-саҕалыыр. Онон Чурапчытааҕы «Радость» оҕону сайыннарар киини кытта тэҥҥэ үлэлэһэннэр олунньу 13 уонна 14 күннэригэр Чурапчы улууһун нэһилиэктэринэн сылдьан оҕолору хомуска оонньуурга уһуйар үтүөкэн соруктаахтар.
Бырайыак аһыллыытын үөрүүлээх чааһыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар — 20 оҕоҕо саха уустара охсубут хомустарын бэлэхтээтилэр. Бу — бырайыак биир дьоһун тосхоло буолар.