Чурапчыга грипп утары быһыыны туруорааһын саҕаланна

Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын иһитиннэриитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ грипп утары быһыыны туруорааһын саҕаланна. Вакцинанан Чурапчы улууһун бары медицинскэй тэрилтэлэрэ хааччыллыахтаахтар, 2200 устуука кэлэн бэриллэн эрэр, балаҕан ыйын 19-20 күннэригэр эбии вакцина кэлэрэ күүтүллэр.

“Былаан быһыытынан Чурапчы нэһилиэнньэтин  50%-на быһыыны ылыахтаах. Бэҕэһээ холобура пенсионнай управление, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын, улуус, нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэригэр тиийэн быһыыны туруордубут. Бүгүҥҥү күҥҥэ икки көрүҥ быһыыны туруорабыт, “Ультрикс” оҕолорго, хроническай ыарыылаах улахан дьоҥҥо итиэннэ хат дьахталларга аналлаах буолар. Оттон “Совигрипп инактивированная” диэни ылбыт дьоннор төгүрүк сыл иммунитеттаах буолаллар. Убаастабыллаах Чурапчы улууһун олохтоохторо, быһыыны ылан бараммыт ыалдьыахпыт диэн куттанымаҥ, туох даҕаны куттала суох. Саамай кылаабынайа бэйэҕитин төһө кыалларынан харыстаныҥ”, — диэн Прокопий Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа эпидемиолог бырааһа Инна Иннокентьевна Сосина кэпсиир.

Грипп ыарыытын утары вакцинацияланыахтаах араҥа:

— оҕо тэрилтэтинэн хабыллыбатахтар, 6 ыйыттан саҕалаан;

— уһуйааннарга сылдьар оҕолор;

— 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ;

— устудьуоннар;

— 60-тан үөһээ саастаахтар;

— оҕо күүтэр дьахталлар (2-3 триместр);

— байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыахтаах дьон;

— хроническай ыарыылаахтар (ол иһигэр тыҥа, сүрэх-тымыр, уойар ыарыылаахтар уонна метаболическай кэһиллиилээхтэр);

— медицина уонна үөрэҕирии тэрилтэлэрин, тырааныспар, хомунаалынай уонна өҥө эйгэлэрин үлэһиттэрэ;

— вахтовай ньыманан үлэлээччилэр, быраабы араҥаччылыыр уорганнар сотрудниктара, социальнай тэрилтэлэр уонна элбэх функциялаах кииннэр үлэһиттэрэ, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар.

Сэмэн Жендринскэй