Чурапчы нэһилиэгэр, улууска мини-фуболу саҕалаабыт энтузиаст-тириэньэр Альберт Михайлов сырдык кэриэһигэр анаммыт турнир cаҕаланна.
Чурапчы улууһа урут-уруккуттан успуорт туонатынан биллибит эбит буоллаҕына, билиҥҥи кэмҥэ успуорт араас хайысхаларыгар дьоһун хардыылары оҥорор. Ол курдук успуорт биир саамай маассабай көрүҥүн мини-футболу сайыннарыы, энтузиаст-тириэньэр Альберт Михайлов бэйэтин кылгас олоҕун сүрүн сыалынан буолбута.
Кини үтүө дьыалатын салҕаан кыра саастаах оҕолорго улуустааҕы күрэх XIV-с төгүлүн ыытыллар. Бу күрэхтэһии сүрүн уратытынан, Саха сирин олимпиадатынан ааттыыр оонньуубутугар сүүмэрдиир турнир буолар. Улуустан уопсайа холбоон 6 хамаанда: Кытаанах, Алаҕар, Мугудай, Чакыр, Хайахсыт, Болтоҥо нэһилиэктэриттэн кэлэн күөн көрсүһэ сылдьаллар.
Альберт Николаевич төрөппүт аҕата Николай Григорьевич Михайлов: “Эдэр спортсменнарга уонна оскуола бэрэстэбиитэллэригэр этиэм этэ, эһиилги юбилейнай ХV-с турнирга өссө элбээн, өссө сайдан бу турнир улуус эрэ таһымынан буолбакка илин эҥэр, республиканскай таһымҥа таһаарарга дьулуһуох кэриҥнээхпит. Онон мин кырдьаҕас киһи быһыытынан эдэр спортсменнары алҕыахпын баҕарабын: бу үчүгэй спорт көрүҥэр эһигини куруутун кыайыы кынаттаатын, ситиһии эһигинниин сиэттиһэ сырыттын, чөл олоҕу пропагандалаан, бу футбол диэн туруктаах, бөҕө, доруобай буолууга анаммыт спорт көрүҥэ буолар. Эһиэхэ талан ылбыт көрүҥҥүтүн өссө сайыннаран иһэргитигэр баҕарабын. Биһиги бастакы уолбут, Альберт, киниэхэ аат иҥэриитигэр мөккүһэн баран, аҕа киһи быһыытынан оччолорго Сэбиэскэй Сойуус саҕана Альберт Шестернев диэн Сойуус футбольнай хамаандатын хаппытаана, сүрдээх үчүгэй футболист киһи баар этэ. Кини аатын иҥэриэххэ диэн кэргэмминээн сүбэлэһэн баран ааттаабыппыт. Баҕар ол да иһин буолуо уолбут футболга сыһыана, Альберт Шестернев курдук буолууга, өйө-санаата онно туһаайыллыбыт буолуон сөп. Билигин хас биирдии нэһилиэккэ спортивнай зал баар буолла, Чурапчы тоҕус томторугар тоҕус спортивнай саалалаах, биһиги эдэр сылдьан халлаан хараҥаран мээчик көстүбэт буолуор диэри лапталыырбыт, волейболлуурбут. Билигин эһиэхэ анаан эти-хааны сайыннарыыга усулуобуйа барыта баар буолла, онон мин бүгүн көрүөхпүн баҕарабын үчүгэй оонньууну, техникалаах буолууну”.
Манна даҕатан, түөрт сыл анараа өттүгэр Альберт Михайлов тус олоҕуттан быһа тардан кини олоҕун аргыһа Екатерина Иванова ахтыытын киллэрэбин: “Дьиэбит барыта футболунан олорор этэ, бары дьиэ кэргэнинэн диэххэ сөп. Биир түгэни ахтар буоллахха, Альберт нууччалыы соччо кэпсэппэт этэ, онно биир күн Смаков диэн куоракка федерация салайааччытын кытары күрэхтэһии балаһыанньатын, хаһыска ыытылларын ыйытан кэпсэтиннэрээри телефонунан эриттэрбитэ. Ону звоннаабыппар:“Что там у вас, семейный подряд?” – диэн ыйытан күлбүтүн өйдүүбүн. Наар бэйэ-бэйэбитин өйөһөн олорбуппут, кини үлэтигэр, баҕа санаатыгар син биир күрэхтэһиигэ барарын билэр буоламмын олох утарбат этим. Сорох кыаммат-түгэммэт оҕолрго айаннарын проеһын эҥин барытын бэйэтэ уйунара, ол ону мин туох диэмий, өйүүр эрэ буоллаҕым. Дьиэбит иһэ барыта футбол оонньуута, мээчик буолара, чэ итинник…”
Турнирга улуус дьаһалтатын успуорка управлениетын начаалынньыга Дьулустан Егоров, Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын физкултуураҕа учуутала Владислав Кривошапкин, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Ольга Дьячковская, Альберт Михайлов төрөппүт аҕата кэлэннэр оҕолорун, атастарын, кэллиэгэлэрин туһунан үтүө тылынан ахтан-санаан аастылар., бииргэ алтыспыт дьонугар, күрэх тэрийээччилэригэр махтал тылларын эттилэр.
Бу курдук үтүө киһи аата умнуллубакка, оҥорбут үлэтин түмүгэ симэлийбэккэ кэлэр көлүөнэ тириэньэрдэргэ үтүө холобур буолуо диэн эрэнэбит.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ