Чурапчыга Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн киинэ аһыллыаҕа

Чурапчыга Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн киинэ тохсунньу бүтүүтэ аһыллара былааннанар. Онуоха бүгүн СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова салайааччылаах дэлэгээссийэ үлэ хаамыытын билистэ.

Саҥа киин Чурапчытааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр киин иһинэн үлэлиэҕэ.

«Ааспыт сылга Трактовай уулуссаҕа турар үс этээстээх таас дьиэҕэ көспүппүт. Манна стационарнай салаабыт, администрациябыт киирдэ. Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн киинэ аһыллыаҕа», — диэтэ тэрилтэ салайааччыта Мария Саввина.

Кэлбит дэлэгээссийэ эбийиэги сиһилии көрдө-иһиттэ. Миниистир Елена Волкова үлэһиттэр бэйэлэрин күүстэринэн 2-с, 3-с этээһи кырааскалаан, тупсаран оҥорбуттарын хайҕаата, кыра итэҕэстэри ыйда. Ол курдук, оҕолор быстах олороллоругар анаан табыгастаах эйгэни тэрийиигэ тус санаатын эттэ. Матырыйаалынай-техническай базаны тупсарыыга, хаҥатыыга үп көрөргө Экэниэмикэ  уонна үп департаменын салайааччытын солбуйааччы Мичил Спиридоновка сорудахтаата.

«Саҥа аһыллар кииҥҥэ ханнык баҕарар оҕолоох дьиэ кэргэн кыһалҕалаах боппуруостарынан кэлэн көмө ылыахтара. Судаарыстыбаннай төлөбүрдэри ылыыга анал исписэлиистэр ыйан-кэрдэн биэриэхтэрэ.  Олох уустук балаһыанньаларыгар түбэспит ыаллары кытта үлэ тэриллиэҕэ. Психолог өҥөтө көрүллүөҕэ. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго, кинилэр төрөппүттэригэр реабилитация кабинета үлэлиэҕэ. Анал оборудованиеларынан хаачылынна. Бу кабинекка саҥа үлэһит ылыахтаахпыт. Маны таһынан аҕам саастаах дьоҥҥо эмиэ анал кабинет аһыллан, үбү-харчыны сөптөөхтүк туттууга, таҥаһы-сабы тигиигэ уонна өйү-санааны сайыннарарга аналлаах дьарыктар буолуохтара», — диэн киин үлэтин Мария Саввина билиһиннэрдэ.

Чурапчы улууһугар «Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн киинэ»  пилотнай бырайыак олоххо киирэн, бигэ туруктаах дьиэ кэргэн элбииригэр олук буоларыгар эрэнэбит.

Марфа ПЕТРОВА.