“Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин үлэнэн хааччыйыы” диэн бу билиҥҥи кэмҥэ ураты суолталаах тиэмэни Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова эрэгийиэннээҕи нэдиэлэҕэ СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччытын Светлана Горюшинскаяны уонна Нерюнгри, Ленскэй, Алдан, Өлүөхүмэ оройуоннарын баһылыктарын кытары дьүүллэстэ.
Галина Данчикова, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр 41 бэдэрээлинэй сокуон ылыллыбытын, олортон сэттэтэ – үлэ быраабын уонна көрүллүбүт мэктиэлэри көмүскээһин туһунан буоларын бэлиэтээтэ.
Онтон биһиги, Чурапчыбыт нэһилиэгэр, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, “Дорожник” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Гаврил Владимиров икки уолу номнуо үлэнэн хааччыйан, хамнастаабыта ыраатта.
“Семен Павлов биһиги тэрилтэбитигэр кылаабынай механигынан үлэлии сылдьар, бэйэтин баҕа өттүнэн анал байыаннай дьайыыга кытта барбыта, дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлээт даҕаны бэйэтин кэлэктиибигэр тутатына үлэлии тахсыбыта.
Эдуард Захаров эмиэ өрдөөҕүтэ манна үлэлэээбит уол, кини билигин суоппарынан сүүрэ-көтө сылдьар. Кэлэктиипкэ бэйэлэрин үчүгэй эрэ өттүнэн көрдөрөллөр, аптарытыаттаахтар, үлэлэрин үчүгэйинэн эрэ сыаналыыбыт”, — диэн “Дорожник” ХЭТ генеральнай дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу, кылаабынай инженер Василий Николаевич Тимофеев кэпсээтэ.
“Бу тэрилтэҕэ 1991 сыллаахтан үлэлиибин, маҥнай оробуочайдаабытым, хачыгаардаабытым онтон тырахтарыыстаабытым. Ол быыһыгар ПМК мелиорацияҕа суоппардаабытым, механиктаабытым. Кэлин улуустааҕы үөрэх управлениетыгар ОМТО отделыгар начаалынньыгынан үлэлии сылдьыбытым. 2023 сыллаахха олунньу ыйга, бэйэм баҕабынан анал байыаннай дьайыыга барбытым. Хантыраакпын толорон, этэҥҥэ дойдубар ааспыт сыл балаҕан ыйыгар эргиллэн кэлбитим”, — диэн “За боевые заслуги” мэтээллээх, кылаабынай механик Семен Алексеевич сэһэргиир.
Санатан эттэххэ, улууспутугар дьарыктаах буолуу киинэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ураты болҕомтону уурар. Ол курдук үлэтэ суох хаалбыт байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр киин бары өҥөтүн туһаналларыгар, эбии үөрэх ылалларыгар, идэлэрин уларыталларыгар, үлэ миэстэтин булалларыгар бары кыаҕы биэрэр. Ону тэҥэ быстах кэмнээх үлэнэн хааччыллыахтара уонна уопсастыбаннай үлэлэргэ сыһыарыллыахтара.
Сэмэн Жендринскэй