Чурапчыга Дмитрий Коркин 95 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр салгыы ыытыллаллар (Фоторепортаж)

Балаҕан ыйын 22 күнүгэр, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Саха АССР, РСФСР, СССР үтүөлээх тириэньэрэ Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 95 сылын көрсө, кини аатынан Чурапчытааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи ыспартыыбынай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир орто оскуола-интэринээтигэр урукку сыллар выпускниктарын кытары көрсүһүү дьоро киэһэтэ буолан ааста.

Үбүлүөйдээх тэрээһиммитигэр кэлбит оскуолабыт выпусктара сарсыарда оҕолорго кылаас чаастарын уонна маастар кылаастары ыыттылар,  ыспартыыбынай түмэлгэ сырыттылар, оҕо саастарын санаан интэринээт хааһытын амсайдылар. Алын кылааһы бутэрбит үөрэнээччилэр “Эдэр Коркинец хамсааһын кэккэтигэр киирбиттэрин чиэстээтилэр. Ол кэнниттэн “Куоркуннуун алтыспыт үтүө кэмнэрим” диэн ахтыы киэһэтэ буолла. Манна биһиги оскуолабыт иитиллээччилэрэ, үлэһиттэрэ эҕэрдэ кэнсиэр көрдөрдүлэр.

Чахчы даҕаны Дмитрий Петрович үөрэппит-такайбыт оҕолоро үөрэммит оскуолаларын аатын эрэ буолбакка, бүттүүн Саха сирин аатын Аан дойдуга ааттаппыттара, аар саарга аатырдыбыттара.

Өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан ыраахтан-чугастан мустан чулуу тириэньэрбитин чиэстээн, кини туһунан бу киэһээ истинник-иһирэхтик ахтан-санаан аастылар.

 

Чэбдик пресс-киин

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй