Эһиил аһыллыахтаах киин билиҥҥи кэмҥэ улахан үлэтэ бүтэн турар. Үлэһиттэр бүгүн инникитин бу киин хайдах-туох үлэлиэхтээҕин туһунан билиһиннэрдилэр. Үлэни-хамнаһы билсэ, СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Мария Кронникова, тэрилтэлэр салайааччылара уонна уопсастыбаннас кэллилэр.
“Бүгүн билиһиннэрии күнүгэр бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэрбитин ыҥырдыбыт. Билиһиннэрии кэнниттэн төгүрүк остуолга кинилэри кытта кытта инникитин хайдах былааннаахтык үлэлиэхтээхпитин сөҥнөһүөхпүт.
Биһиги кииммитигэр хас биирдии оҕолоох дьиэ кэргэн кэлэн, бэйэтин долгутар боппуруостарын, кыһалҕаларын быһаартарар кыахтанар. Кыһалҕалара дириҥ буоллаҕына, мобильнай сулууспа ыкса үлэлэһиэҕэ. Ону таһынан доруобуйаларынан хааччахтаах, реабилитационнай кииҥҥэ олорор оҕолорго анал оборудованиелаах отделениелар үлэлиэхтэрэ. Аҕам саастаах дьоммутугар “Силис” бырайыакпыт үлэлиэҕэ. Кинилэргэ араас маастар-кылаастар, дьарыктаах буолууга, үбү-харчыны таба туһаныыга үөрэхтэр ыытыллыахтара”, — диэн Саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр киин дириэктэрэ Мария Саввина кэпсиир.
Санатан эттэххэ, Саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр киин “Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор киин” бырайыагы көмүскээн, граны ылан, олоххо киллэрдэ. Манна төһүү күүһүнэн улуус баһылыга Степан Саргыдаев уонна СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ буоллулар. Киин урукку “Дорожник” ХЭТ дьиэтигэр-уотугар баар буолуоҕа. Үс этээстээх дьиэни аныгылыы тупсаҕай гына оҥорбуттар, оҕолорго, улахан дьоҥҥо сөптөөх бары усулуобуйа тэриллибит.
Елена Макаринская