Ааспыт сырыыга, нэһилиэктэринэн улуус дьаһалтатын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуотугар, улууспут киинигэр киһи тахсан киирэр, көҕүрэттэр, чэпчэтинэр сирин боппуруоһа сытыытык туруоруллубута. Итиннэ киһи кыбыстара туох даҕаны суох.
Тыа сириттэн киирбит дьон биир үгүс “Маарыкчаан” маҕаһыыныгар итиэннэ норуокка биллэринэн “Биэс этээстээх” атыы-эргиэн киинигэр сылдьар, ол онно киирэннэр автобустарын кэтэһэллэр, эбиэттииллэр, мал-сал атыылаһаллар. Онуоха чэпчэтинэр сирбит ханна да суоҕа улаханнык атахтыыр, күлүү-күлүүнэн эрээри ким пуочта дьиэтин кэннигэр, сорох “Айылгы” НАДь-гэр барарга күһэллэр.
Улууспут баһылыга Степан Саргыдаев эппитинии: “Чурапчы нэһилиэгэр туалет тутуллубута, табаарыстар”. Улуус дьаһалтатын кэтэҕинэн олус табыгастаах туалет тутуллан үлэлии турар. Баҕар сорохторо “аата ырааппытын” диэххит эрээри, нэһилиэкпит дьаһалтата дьон этиитин учуоттаан төһө кыалларынан киин сири булан тутта.
Чахчылар
Сир нэһилиэнньэтин үс гыммыт биириттэн ордуга гигиена ирдэбилигэр эппиэттээбэт усулуобуйаҕа олорор. «Туалет өрөбөлүүссүйэтигэр» Румыния, Россия, Турция, Мексика, Бразилия, Египет уонна Марокко наадыйаллар.
Сир нэһилиэнньэтин 64 бырыһыана (4,5 млрд киһи) канализациянан туттар, ол иһигэр 800 мөл. киһи уопсастыбаннай туалет эрэ өҥөтүнэн туһанар, 700 мөлүйүөнэ санитарнай нуормаҕа сөп түбэспэт убуорунайдарга сылдьар.
Туалет (французтуу toilettes), убуорунай, клозет, сортир – киһи айылҕа айан оҥорбут кыһалҕатын быһаарынар сирэ.
Тойоннуун-толорооччулуун бары «кирдээх», «кыаллыбат» дии сырыттахпытына, сайдыы бэйэтинэн хааман кэлиэ суоҕа. Дойду, куорат төһө сайдыылааҕын туалекка сыһыанынан быһаараллар.
“Биһиги дьоммут-сэргэбит кыһалҕатын өйдөөммүт, өр да өр хамсаппакка туруоран бараммыт быйылгыттан саҥа туалет туттубут. Дойдуга бу хамсааһын Арассыыйатааҕы туалет холбоһуга өссө 2006 сыллаахха тэриллэн саҕаламмыта. Оттон Бүтүн аан дойдутааҕы туалет тэрилтэтэ 2001 сыллаахха Сингапурга кииннээн төрүттэммитэ. Онон бу улахан хамсааһынтан биһиги туора турарбыт хайдах даҕаны табыллыбат», – диэн Чурапчы нэһилиэгин исписэлииһэ Николай Андреев кэпсээтэ.
Сэмэн Жендринскэй