Чурапчыга чөл турукка анаммыт бырайыак биһирэннэ

Ааспыт 2023 сылга РФ Бэрэсидьиэнин Владимир Путин гранын өйөбүлүнэн олоххо киирбит дьахтар доруобуйатыгар туһуламмыт «Кэрэҕэ уона чөл турукка – бииргэ» бырайыак түмүктүүр дьаһала буолла.

Бу күн бырайыакка үлэлэспит, көхтөөхтүк дарыктаммыт дьахталлары бэлиэтээн туран үөрүүлээх түгэҥҥэ чиэстээтилэр.

 

Улуус бары нэһилиэктэригэр улахан сэҥээриини ылбыт бырайыак ааптарынан Чурапчытааҕы физкултуура уонна успуорт институтун доцена Светлана Гуляева буолар.

«2023 сыллаахха Чурапчы улууһун Дьахтар сэбиэтин нөҥүө бу федеральнай грант куонкуруһугар кыттыбыппыт. Кыайыылаах буолан, 600-тэн тахса тыһыынча үп көрүллүбүтэ. Бырайыакпыт чөл туруктаах, кэрэ буоларга аналлаах. Улууспут дьахталларын түмэн, хамсааһын таһаарар соруктаах үлэбитин тэрийдибит . Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн  билиҥҥи кэмҥэ, үгүс чинчийии түмүгүнэн  дьахталлар 70-ча бырыһыаннара хамсамматтар. Хамсаныы тиийбэтэҕинэ, доруобуйа айгырыыр, кэһиллиигэ барар. Онон бу бырайыак дириҥ социальнай суолталаах. Мин, анал үөрэхтээх киһи, учуонай да быһыытынан, бэйэм өр сыллаах үлэбэр, практическай уопуппар олоҕуран, кэрэ аҥаардарга сөптөөх физкултуурунай уонна чэбдигирдэр дьарык бырагырааматын суруйбутум. Номнуо үһүс сылбын «Тэтим» хамсаныы оскуолатын үлэлэтэн, саастарын сиппит, орто саастаах дьахталлары дьарыктыыбын», — диэн бырайыагын туһунан Светлана Гуляева биһилиннэрдэ.

 

Грант көмөтүнэн сыл устата нэһилиэктэринэн араас кэпсэтиилэр, маастар кылаастар, практикумнар, маассабай  физкултуурунай уонна чэбдигирдэр тэрээһиннэр ыытыллыбыттар.  Маны сэргэ дьарыктанарга туттуллар тэриллэри ылбыттар. Ол курдук, акробатика, фитнес ковриктарын, гантеллэри, фитнес резинкалары уо.д.а.  атыыласпыттар.  Ону таһынан методическай босуобуйаны бэчээттээн таһаарбыттар.

Бу бырайыак чэрчитинэн доруобуйаларын хаачыстыбатын тупсарбыт киһи аҕыйаҕа суох. Олортон биирдэстэрэ  Александра Кузьмина буолар. Кини Светлана Степановнаҕа 4 ый дьарыктаммыт:

— Билигин оҕо көрөн олоробун. Миигин доруобуйам туругунан инбэлииккэ таһаара сылдьыбыттара.  Аны оҕолонон, үс ый кэриҥэ ороҥҥо сыппытым. Наар эминэн, уколунан сылдьыбытым. Ол кэмҥэ дьиэбиттэн чугас турар институт саалатыгар дьарык буоларын туһунан биллэрии кэлбитигэр, «доруобуйам бэйэм илиибэр» диэн өр толкуйдаабакка дьарыктана тахсыбытым. Күн бүгүҥҥэ диэри  сүрэҕэлдьээбэккэ, томороон тымныылартан иҥнибэккэ дьарыктанан, доруобуйабын тупсардым, эмп иһэртэн босхоломмутум. Ону тэҥэ 74 киилэттэн 67 киилэҕэ диэри ыйааһыммын түһэрдим. Билигин да көтүппэппин, соҕотох да буоллахпына дьарыктана барыах курдукпун. Светлана Степановна хас биирдии дьарыктанааччы доруобуйатын туругун, ыйааһынын, кыаҕын,  сааһын учуоттаан туран үөрэтэр, сүбэ-ама биэрэр. Онон кэрэ аҥаардары толору усулуобуйалаах саалаҕа  кэлэн дьарыктаналларыгар ыҥырабын. Доруобуйаҕытыҥ көрүнүҥ, кэрэ сэбэрэҕитин тупсарыныҥ.

Чэбдигирдэр дьарыктар институт Ритмика саалатыгар нэдиэлэ аайы буолаллар. Ону кытта тэҥҥэ онлайн дьарыктар эмиэ ыытыллаллар эбит.

«Кэрэҕэ уона чөл турукка – бииргэ» бырайыак өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин доруобуйата туруктаах буоларыгар үлэлэһэргэ бэлэмнэр.  Светлана Степанова этэринэн, бу хайысхаҕа өссө да саҥа идиэйэлэр былааннаналлар.

Марфа Петрова.