Чурапчыга быһаарыылаах быыбар саҕаланна

Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнэ, Арассыыйа үрдүнэн быыбар биир кэлим күнэ!

Чурапчы нэһилиэгэр, сарсыарда 8 чаастан, быыбардыыр учаастактар ааннарын тэлэччи астылар. Быйылгы быыбар ордук тыҥааһыннаах буолара күүтүллэр. Онон хара бастакы күнтэн, төһө даҕаны халлааммыт хаардаабытын, ардаабытын үрдүнэн быыбардааччылар бэйэлэрин гражданскай санааларын сиэрдээхтик этинээри учаастактарга дьулустулар.

“Чурапчы улууһугар 29 учаастак анаммыт бириэмэтигэр арылынна. Быыбар хаамыытын кэтээн көрөөччүлэр итиэннэ уопсастыбаннай бэрээдэги араҥаччылыыр ис дьыла уорганын үлэһиттэрэ кэлэн олороллор. Кэһиллии тахсыбата”, — диэн Чурапчы улууһун киин быыбардыыр хамыыһыйа сэкирэтээрэ Виктория Деллохова-Никитина иһитиннэрдэ.

Санаттахха, быыбар үс күн субуруччу ыытыллара былааннанар. Ол эбэтэр, дойдубут олохтоохторо, балаҕан ыйын 8 күнүттэн 10 күнүгэр диэри сарсыарда 8 чаастан киэһэ 20 чааска диэри бэйэлэрин быыбардыыр учаастактарыгар куоластааһыҥҥа кыттыахтара.

Лоп курдук 8 чаастан быыбардыыр хамыыһыйалар ааннарын тэлэччи астылар. Быыбардааһын саҕаланна!

Сэмэн Жендринскэй