Чурапчыга бүгүҥҥүттэн идэһэ сүөһүлэри маассабай астааһын саҕаланна

Улуус киинигэр турар буойунаҕа идэһэ сүөһүлэри маассабай астааһын бүгүҥҥүттэн саҕаланна. Быйылгы дьыллаахха үс күн устата “Чурапчы” ТХПК үлэһиттэрэ утуйар ууларын умнан туран, биир да мүнүүтэ тохтообокко, сынньанар диэни билбэккэ үлэлиэхтэрэ. Кинилэр сыралаах үлэлэрин түмүгэр кыстыгы туоруур сыллааҕы эппит-аспыт тутулуктанар буоллаҕа.

Билигин буойунаҕа үлэ-хамнас үгэннээн турар кэмэ.  “Чурапчы” ТХПК бырабылыанньатын оҥорон таһаарар эргинэр отделениетын начаалынньыга Айталина Петровна Павлованы көрсөн үлэ хаамыытын билистибит. Онуоха кини маннык хоруйдаата:

  • Үс күннээх үлэбит саҕаланна. Күн аайы икки массыына сүүрэр, барыта холбоон 59 киһи үлэлии-хамныы сылдьар. Бу күннэргэ барыта холбоон 271 төбөнү идэһэлиэхпит. Манна эрдэ дуогабардаспыт бааһынай хаһаайыстыбаларбытыттан сорохторо “сүөһүбүтүн салгыы итиэхпит этэ” диэннэр эт туттарартан аккаастаннылар. Ол эмиэ үчүгэй төрүөт. Былырыын алта күн устата 718 төбөнү астаабыппыт, оттон быйылгы дьылга икки төгүл кыра диэн буолар. Нэһилиэктэртэн чааһынай дьоннор эмиэ сүөһүлэрин туттардылар, бырабылыанньа уурааҕынан киилэ эти 470 солк диэн ылынныбыт. Маҕаһыыннарга суордуттан көрөн буут эт, ойоҕоһун, холун сыаната араастаах буолар. Төһө кыалларынан нэһилиэнньэни этинэн хааччыйа сатыахпыт. Халлааммыт хата туран биэрдэ, наһаа сылыйбата, аһара тымныйбата. Түгэнинэн туһанан, бырабылыанньа аатыттан күүстээх үлэҕэ сылдьар кэлэктииппитигэр дириҥ махталбын тиэрдэбит, кинилэр күүстэринэн үлэбит таһаарыылаах, кыайыылаах-хотуулаах.

Мантан салгыы быйылгы сылга улуустааҕы киин буойунаҕа ыытыллыбыт үлэ-хамнас түгэнин, тэрилтэ үлэһиттэрин хаартыскаҕа үйэтиппит түгэннэрбин эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабын.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ