Чурапчыга бүгүн кыргыһыы хонуутугар хорсуннук охтубут Дмитрий Кузьмины кытары бырастыыластылар

Өссө бэс ыйын саҥатыгар Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо Кузьмин Дмитрий Афанасьевич (Диимискэ) анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьан сураҕа суох сүппүтүн туһунан кэпсэл буолбута. “Сүтүктээх сүүс аньыылаах” дииллэринии, ити күннэр усталарыгар төрөппүттэрэ, дьиэ кэргэнэ утуйар уулара көтөн түүл-бит курдук сырыттылар.

Онтон хорсун саллаат өлүгэ көстөн, бүгүн о.э. атырдьах ыйын 8 күнүгэр көмүс уҥуоҕун төрөөбүт буоругар Чурапчыга аҕаланнар тиһэх суолугар атаардылар.

Дмитрий Афанасьевич (Диимискэ) түөрт оҕолоох, Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторо Таисия Абдулзьяновна уонна Афанасий Васильевич Кузьминнар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон, 1977 сыллаахха алтынньы 18 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Оччотооҕу олох ирдэбилинэн кырачаан Дима алты ыйыттан деткомбинат иитиллээччитинэн, алта сааһыттан оскуола үөрэнээччитинэн киирбитэ. Элбэх куруһуоктарга дьарыктанан, успуорт өттүнэн күрэхтэһиилэргэ кыттан  1994 сыллаахха оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн түмүктээбитэ. Ол кэнниттэн бииргэ үөрэммит доҕотторунаан элбэх буоланнар, тутуспутунан Одьулууннааҕы ПТУ-га тиийэннэр суоппар идэтин баһылаабыттара. Орто үөрэх кэнниттэн биир сыл олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр суоппарынан үлэлээн 1997-1998 сылларга ийэ дойдутун иннигэр ытык иэһин төлөөн, икки сыл устата Новосибирскай куоракка таанковай войскаҕа сулууспалаан кэлбитэ.

Аармыйаттан кэлээт Дьокуускай куоракка тиийэн сварщик идэтигэр үөрэнэн кэлбитэ. Ол кэлэн дойдутугар, Чурапчы улууһугар аан бастакынан такси сулууспатын арыйан ситиһиилээхтик урбаанньыт быһыытынан үлэтин саҕалаабыта. Сулууспатын арыйан үлэлээбит сылларыгар үгүс дьонтон махтал тылларын, элбэх хайҕабылы ылан үлэлии-хамсыы сылдьан сокуон ирдэбилэ уларыйыытын сиппэккэ урбаанньытыттан тохтоон атын такси сулууспатыгар суоппарынан үлэлээбитэ. Бу үлэлии сылдьан Татьяна Эмильевнаны көрсөн 2003 сыллаахха холбоһон, икки кэрэчээн кыргыттары төрөтөн ийэ, аҕа үрдүк аатын сүгэллэр. Киһи дьылҕатыгар арааһынай буолар…

Онтон 2009 сыллаахха Татьяна Васильевнаны көрсөн, ыал буолан икки уол оҕолоноллор. Бу кэмҥэ хоту баран вахтовайынан үлэлиир. Онтон 2016 сыллаахха олох очуругар мүлчү үктэнэн, аҕыс сылга көҥүлэ быһыллан, устунан бу сыл муус устар 4 күнүгэр хантыраак баттаһан анал байыаннай дьайыы кыттааччытын быһыытынан сэриигэ аттаммыта. Ол кэмҥэ бэс ыйын 27 күнүнээҕи военком биллэриитинэн, бэс ыйын 3 күнүттэн сураҕа суох сүппүтүн туһунан иһитиннэрбиттэрэ.

Чугас дьоно кэпсииллэринэн, Диимискэ куурутун үөрэн-көтөн, күлэн мичилийэн эдэри кытта эдэр, кырдьаҕаһы кытары кырдьаҕас, өрүү дьону кытта түргэнник биир тылы булан, кэпсэтэн-ипсэтэн барыны бары ыпсаран иһэр киһинэн биллэрэ. Кини ис-иһиттэн үлэһит,сатабыллаах ыал аҕатын быһыытынан биллэрэ. Майгыта аһаҕас уонна бэһиэлэй буолан бэйэтин тула дьону түмэ тардара, үгүс элбэх доҕоттордооҕо. Аҕам саастаах дьоҥҥо, дьиэ кэргэнигэр убаастабыллаах сыһыанынан, оҕомсох майгытынан элбэх киһиэхэ үтүө өйдөбүлү хаалларда.

Хорсун саллааты тиһэх суолугар атаарыыга “Чурапчы оройуона” МТ баһылыга Степан Саргыдаев, “Чурапчы нэһилиэгэ” МТ баһылыга Владимир Сивцев, Чурапчы уонна Таатта улуустарын байыаннай хамыһаара, прапорщик Анатолий Егоров, “Куоҕалы” ТОС салайааччыта Федора Седалищева, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, аймахтара, ыкса ыаллара, бииргэ үөрэммит, сулууспалаабыт доҕотторо-атастара, дьиэ кэргэнэ муһуннулар.

Аймах убайа эппитинэн, Дмитрий Афанасьевич хантыраак баттаһыан иннинэ сүбэлэһэн: “Дьоммор-сэргэбэр туох даҕаны үөтэлээҕи оҥорботум, оҕолорбор эрэ бу мин хара мэҥим түспэтэр ханнык, аҕабыт сэриигэ сылдьыбыта, онно сылдьан ол-бу буолар да түгэммэр сырдык аатым ырааһырыа”, — диэн санааттан анал байыаннай дьайыыга айаннаабыт.

Онон бүгүн Кузьмин Дмитрий (Диимискэ) Чурапчытын буорун булан, кинини күн-бүгүн хорсун буойун быһыытынан саныыбыт. Буойуттар ааттара үйэлэргэ ааттаныа туруо!

 

Сэмэн Жендринскэй – Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Хаартыска ааптар тус архыыбыттан