Чурапчыга «Бойобуой Албан аат» мусуой тэриллиэҕэ

Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Иван Павлов аатынан «Бойобуой Албан аат» түмэл Чурапчытааҕы история уонна этнография мусуойун иһинэн  аһыллар.

Бу туһунан уураахха бүгүн, Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр улуус баһылыга Степан Саргыдаев илии баттаата.

«Улууска Ытыктабыл сылын чэрчитинэн тэриллэр мусуойбут Военкомат дьиэтигэр үлэлиирэ былааннанар. Мусуойга Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын историялара киириэхтэрэ, Афганистан уонна Чечня конфликтарыгар кыттыбыт саха буойуттара уонна Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт сырдатыллыахтара. Маны сэргэ эйэ иһин олохторун толук уурбут саллааттарбыт сырдык ааттара ааттаныллыахтара. Кинилэринэн киэн туттабыт«, — диэтэ баһылык.

Бэлиэ күҥҥэ Аҕа дойду сэрии кыттыылааҕа, «Германияны Кыайыы иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллэр кавалера, худуоһунньук Петр Карсанаев кыргыттара Татьяна, Марианна Карсанаевалар аҕаларын үлэлэрин бэлэхтээтилэр.

Онон саҥа түмэлгэ ытыктыыр киһибит Петр Карсанаев хартыыналарын галереята дьоһун миэстэни ылыаҕа.

Марфа Петрова.