Үгүспүт даҕаны ырыаны сөбүлээн ыллыыр, истэр, ол гынан баран үксүгэр ырыа тылын уонна матыыбын суруйбут ааптардарга улахан болҕомтобутун уурбаппыт, билэттээбэппит. Сороҕор “ол кини ырыата үһү” диэн сурах хоту истэбит. Ырыа ылланар да буоллаҕына ааптарын ааттаабакка эрэ, ырыаны толорооччу репертуарыттан диэн биллэрэллэр.
СӨ норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Сергей Степанович Семенов көҕүлээһининэн “Биллэр ырыалар биллибэт ааптардара” бырайыак бастакы түһүмэҕэ биһиги Сахабыт сирин улуустарыгар сэргэхтик тэриллэн, элбэх ырыа ааптардарын, ырыаһыттарын түмэр. Бырайыак иккис түһүмэҕэ Дьокуускай куоракка ыытыллара былааннанар.
Иван Кандинскай аатынан “Айыллаан” култуура киинигэр, кулун тутар 1 күнүгэр ырыа дьоро түһүлгэтэ элбэх айар куттаах дьону түмтэ. “Биллэр ырыалар биллибэт ааптардара” кэнсиэргэ норуокка киэҥник тарҕаммыт, дьон дууһатын, сүрэҕин аймаабыт, өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн сылдьар ырыалар ылланнылар, Чурапчыбыт ырыа айааччылара, бастыҥ ырыаһыттара кыттыыны ыллылар. Бу кэнсиэргэ саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Варвара Аманатова кэлэн кыттыыны ылла, көрөөччүлэргэ үйэлэргэ сүппэт “Алаас кыыһа” ырыа хайдах кинини үрдүккэ кынаттаабытын, кини айар үлэтигэр “визитнай каартата” буолбутун туһунан истиҥник ахтыыны оҥордо. Бу ырыа тылын биһиги биир дойдулаахпыт лирик–бэйиэт Василий Петров – Айыл суруйбута, онтон матыыбын мелодист Григорий Дунаев айбыта.
“Өркөн” вокальнай трио (Дириҥ) Айыл тылыгар уонна матыыбыгар “Кэрэ санаа” ырыаны толордулар. Кинилэр соторутааҕыта ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Поющее мужское братство” ырыа күрэҕэр дипломант үрдүк аатын ылбыттара.
“Оо, арылхай харахтаах, уп –уһун суһуохтаах Чурапчым кыысчаана кэрэҕин даҕаны” ырыа элбэх дискотекаларга ылланарын, ол ырыа доҕуһуолунан үҥкүүлээбиттэрин оччотооҕу ыччат өйдүүр буолуохтаах. ”Чурапчым кыысчаана” ырыаны Дириҥтэн төрүттээх Иван Корякин суруйан хаалларбыта. Бу ырыаны кини бииргэ төрөөбүт быраата, элбэх ырыа күрэхтэрин кылаан бирииһин кыайыылааҕа, улууспут биир сэдэх куолаһа — Валерий Корякин ыллаан көрөөччүлэргэ бэлэхтээтэ.
Любовь Монгуш уонна Анна Исакова толорор истиҥ тыллаах, нарын иэйиилээх “Сибэккилэр” ырыаларын, Мындаҕаайыттан төрүттээх Семен Попов суруйбутун элбэх киһи истэн соһуйда, улаханнык сөхтүлэр. Ааптар Семен Попов бу күн кэлэн кини хит буолбут ырыатын киэҥ эйгэҕэ көтүппүт Анна Исакованы уонна Любовь Монгуһу кытары билсэн, илии тутуһан, бу ырыа кини айбыт ырыата буоларын туоһулуур суругу тутта.
Одьулуун нэһилиэгиттэн суоппар идэлээх Михаил Дьяконов бэйэтин тылларыгар суруйбут “Байанай” ырыатын көрөөччүлэргэ бэлэхтээтэ. Кини кэхтибэт мааны куолаһын көрөөччүлэр сэҥээрэ иһиттибит. Онтон Михаил Дьяконов суруйбут “Айан ырыата” суоппардар гимнэринэн буолар диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо. Бу ырыаны Иван Егоров толордо. Норуот айымньытын дьиэтин фольклорга салаатын специалиһа Александра Васильева: “Бу ырыаны убайым сөбүлээн ыллыыр этэ”, — диэбитэ Михаил Дьяконов ырыата өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тарҕаммытын туоһулуур.
Чыаппараттан төрүттээх ырыа айааччы Евгения Сорокоумова ырыаларын эдэр ыччат сөбүлээн ыллыыр. Кини ырыаларын биир дойдулаахтара Рустам Хон, Понсаш репертуардарыгар киллэрэн өрүү ыллыы–туойа сылдьаллар. Евгения Сорокоумова матыыбыгар Анна Коркина тылларыгар “Тапталым сулуһа” ырыаны Жанна Шеломова толордо, онтон Екатерина Андреева тылларыгар суруллубут “Тумаҥҥа сууланан…” диэн сүрдээх истиҥ ырыаны, “Айыллаан” култуура киинин уус:уран салайааччыта Петр Дьяконов толордо.
Даниил Пестряковы биһиги үксүбүт оһуохайдьыт, саха төрүт үҥкүүтүн — оһуохайы эдэр ыччакка тарҕатааччы уонна тыынан устууга күрэхтэһиилэри тэрийээччи быһыытынан эрэ билэбит. Данил Михайлович Дьокуускайтан ыҥырыллан кэлэн ырыа түһүлгэтигэр кыттыыны ылла. Кини суруйбут “Ийэккээм” ырыатын элбэх киһи ютубка Лев Зеппеллин диэн нуучча киһитэ гитаралаах ыллыы олорорун көрбүт буолуохтаах.
“Ийэккээм” киһи сүрэҕин сылааһынан таарыйар, киһини уйадытар ырыаны биллэр ырыаһыт Мария Соболева эмиэ ыллыыр.
Саха биллиилээх суруйааччыта Иван Федосеев–Доосо хоһоонноругар элбэх киһи дууһатын кылын таарыйар, саха дьонун кутун туппут. элбэх көлүөнэ сөбүлээн ыллыыр ырыалара айыллыбыттара. Доосо хоһоонугар айыллыбыт икки ырыа ылланна. “Мин летчик буолуом” диэн Христофор Максимов матыыбыгар суруллубут ырыаны хаһыс көлүөнэ оҕо ыллыыра буолуой? Кэнники ылламмат буолбут, умнулла быһыытыйбыт ырыаны “Ыллык” (Дириҥ) уһуйаан иитиллээччитэ Женя Иванов сүрдээх үчүгэйдик толорон кэлбит дьону улаханнык сэргэхситтэ, эдэр толорооччу салайааччыта Ньургуйаана Петрова буолар. Доосо тылларыгар суруллубут, биллиилээх самодеятельнай композитор Виталий Андросов матыып суруйан, ырыа гынан көтүппүт, Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн тилийэ көтөн ылламмыт ырыатынан “Туундара” буолар. Бу ырыаны Анастасия Лыткина аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи академическай ырыа күрэҕин лауреата, Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Музыкальная мозаика”, “Новые имена Якутии” ырыа күрэхтэрин дипломана Сандаара Карпова толордо.
Биир соһуччу ырыа айааччы быһыытынан бу киэһэ билбит киһибитинэн, биллэр муусукаан Илья Теплоухов буолла. Кини бэйэтин тылыгар уонна матыцыбыгар “Түгэннэр” диэн ырыаны толордо.
Дэгиттэр талааннаах ыспарсымыан, “Дириҥ уоттара” литэрэтииринэй түмсүүнү тэрийбит бэйиэт, ыспартыыбынай суруналыыс, учуутал Дмитрий Эверстов-Диринскэй суруйбут “Киһиэхэ кып – кыра быычыкаайык наада дии” ырыата, өссө ааптара биллибэккэ да сылдьан дьон сөбүлээн ыллыыр ырыатынан буолбута. Бу ырыаны толорон, оччолорго аатырар “Айан +” бөлөх Намҥа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэр Гран при буолбута. Онон бу ырыа кинилэри киэҥ эйгэҕэ көтүппүт ырыа буолар. Кэлин эстрада биллэр ырыаһыттара Сахамин уонна Айгылаан ыллаабыттара. Бу дьоро киэһэ Сарыал Сивцев саҥалыы тыыннаан, бэрт сэргэхтик толордо.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин специалистара Александра Васильева уонна Аркадий Ефремов кэлэн “Биллэр ырыалар биллибэт ааптардара” кэнсиэри көрөн, улаханнык сэргээбиттэрин биллэрдилэр. Кинилэр хас биирдии ааптарга, олохтон туораабыт ырыа ааптардарын аймахтарыгар бу ырыаны чахчы кини суруйбутун туоһулуур суруктары туттардылар.
Чурапчыга “Биллэр ырыалар биллибэт ааптардара” ырыа дьоро түһүлгэтин Олоҥхо киинин салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Дмитрий Попов көҕүлээн, Иван Кандинскай аатынан “Айыллаан” култуура киинэ (сал. Снежана Титова) тэрийэн ыыттылар. Биһиги улууспут нэһилиэктэрин култууратын үлэһиттэригэр, култуура бэтэрээннэригэр: СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэригэр Фекла Поповаҕа, Екатерина Лыткинаҕа, култуура туйгунугар Наталья Захароваҕа тэрийээччилэр улахан махталларын тиэрдэллэр
Наталья Захарова РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй