Чурапчыга бэтэрээн дуобаччыттар турнирдара саҕаланна

Бүгүн о.э. сэтинньи 25 күнүгэр, Мурун Тыымпыйа түөлбэтин “Далбар” балаҕаныгар дуобакка успуорт маастарыгар хандьыдаат, энтузиаст, пропагандист Гаврил Иванович Владимиров төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт турнир саҕаланна.

 

Чурапчы улууһугар V-с төгүлүн ыытыллар улахан турнирга Мындаҕаайыттан, Хайахсыттан, Мугудайтан, Чурапчыттан – барыта холбоон 20 дуобакка успуорт маастарыгар хандьыдаат дьон муһуннулар. Кинилэр швейцарскай систиэмэнэн 15 мүнүүтэ устата оонньуохтара, кыайыылаахтары улахан харчынан бириэмийэ итиэннэ биирдиилээн кыттааччыларга анал сыаналаах бириистэр туттарыллыахтара. Күн иккис аҥарыгар Гаврил Иванович туһунан ахтыы киэһэтэ ыытыллара былааннанар.

Мария Гаврильевна Дьячковская, ыал улахан кыыһа, Дьокуускай куорат олохтооҕо, юрист: “Быйылгы турниры биһиги доҕотторугар анаан, Чурапчы бэтэрээн дуобаччыттарын түмсүүтэ диэн ааттаатыбыт. Ол инниттэн эрдэ ыытыллыбыт турнирдар хаартыскалары барытын таҥаммыт принтбук диэни “Бэчээт дьиэтигэр” оҥорон Гаврил Иванович оҕолорун ааттарыттан таһааттардыбыт. Чурапчы дуобаччыттара бэйэлэрэ туспа эйгэлээх дьоннор. Кинилэргэ дуобат диэтэххэ тугу барытын умнан туран үлүһүйэр, билигин даҕаны энтузиаст дьоммут буолаллар. Бу кинигэҕэ Уйбаан Пинигин хоһоонноро, 50-60-с сылларга дуобат сайдыытын устуоруйатыттан киирдилэр. Сиэн кыыспыт Ангелина билигин Архангельскайтан көтөн иһэр, ол иннинэ Иркутскайга сырытта онно дуобат улахан турнирдарыгар үһүс миэстэлэри ылаттаата. Кыра балтыбыт Аня быйылгы сыллаахха дуобакка РФ успуордун маастара буолла, Ньурба куоратыгар оҕолору дьарыктыыр тириэньэр. Кытаанах нэһилиэгэр аҕабыт төрөөбүт балаҕанын таһыгар пааматынньык оҥорон туруорбуппут уонна Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар ыспарсымыан оҕолорго анаан аҕабыт аатынан стипендия олохтообуппут”.

Гаврил Иванович олоҕун аргыһа, үлэ бэтэрээнэ, элбэх оҕо амарах ийэтэ Мария Алексеевна Владимирова: “Биһиги аҕабыт дуобакка олоҕун бүтэһик сылларыгар диэри сүрэҕинэн-быарынан, дууһатынан бүтүннүү ылларбыт киһинэн буолар. Ханна эмэ күрэхтэһиигэ барар буоллаҕына, олох аһыырын, утуйарын да умнара. Ол күрэхтэһиигэ ханна, хаһан, кимнээх тугунан баралларын быһаарсыы, сүүрүү-көтүү буолара. Оччоттон-баччаҕа диэри дуобат бэдэрээссийэтэ туох үптээх-харчылаах буолуоҕай? Наар успуонсар булар түбүгэр сүүрэн, хайаан да булбут-талбыт буолара. Ити чааһыгар биһиги аҕабыт талаана тахсара. Билигин санаатахха, кини дуобаты таптыыра бэрт буолан, оннооҕор дьиэтигэр кэлбэккэ хонон-өрөөн хаалара. Улаханнык ыалдьа да сылдьан, дойдутугар Кытаанахха тахсан бырааттарыгар салааскаҕа состоро сылдьан дуобаттаан сэргэхсийэн киирбиттээҕэ. Олох уһугулаан, бу күн сириттэн барыан иннинээҕи күҥҥэ диэри балыыһаҕа сытан быраастартан көҥүллэтэн, палааталарынан күрэхтэһии тэрийэ сылдьыбыттааҕа. Дьэ кырдьык, дуобат туһа диэтэҕинэ туохтан да иҥнэн-толлон турбат киһи этэ”.

Турнир үөрүүлээх арыллыыта буолуон иннинэ күөх экраҥҥа Гаврил Иванович учуутала, аатырбыт дуобаччыт Д.П. Кладкина, Саха сирин дуобатын бэдэрээссийэтиттэн И.О. Павлов, үтүө доҕоро, гроссмейстер А.Г. Азаров ахтыыларын болҕойон иһиттибит.

Анна Гаврильевна Яковлева, Ньурбаҕа дуобат тириэньэрэ: “Түөрт сааспыттан аҕам таһыгар сылдьан, кинини үтүктэн, кини миигин дуобат оонньуутугар уһуйбута. Оскуоланы бүтэриэхпэр диэри элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттарым, онно кини миигин кытары тэҥҥэ сылдьыһар этэ. Чурапчыга интэринээт-оскуоланы түмүктээбитим. Ол кэнниттэн аҕабын утумнаан күн бүгүҥҥэ диэри дуобаты кытары аргыстаһа сылдьабын. Быйыл дуобакка РФ маастарын нуорматын толордум. Аҕам тыыннааҕар, 9-с кылааска үөрэнэ сылдьаммын 100 харахтаах дуобакка успуорт маастарыгар хандьыдаат буолбутум. Дуобат – өй оонньуута буоларын быһыытынан олоххо-дьаһахха эмиэ олус туһалаах. Холобура, кыһалҕаҕа да түбэстэххинэ дуобакка курдук толкуйдаан, быыс-арыт булаҥҥыт син биир кыайыылаах тахсаҕын. Туохха барытыгар туһалаах успуорт көрүҥэ буолар, ол да иһин буолуо Ньурба куоратыгар 4 саастаах оҕолортон саҕалаан тириэньэринэн үлэлии сылдьабын, икки үөрэнээччим успуорт маастарын нуорматын толордулар”.

Владимировтан Чурапчы нэһилиэгэр улахан дьиэ кэргэн буолаллар, бииргэ төрөөбүттэр алтыалар. Турнир биэс сыл буола-буола ситимин быспакка киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэр. 2012 сыллаахха, Гаврил Иванович төрөппүт уола, “Дорожник” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Гаврил Владимиров көҕүлээһинэн үрдүк таһымнаах, 90-тан тахса киһи кыттыылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир тэриллибитэ. Бу да сырыыга онтон итэҕэ суох, бэтэрээн дуобаччыттарга аналлаах дьоро күн саҕаланна, манна Гаврил Иванович тэҥҥэ алтыспыт доҕотторо Афанасий Захаров, Алексей Осипов, Василий Федоров, Егор Денисов, Афанасий Алексеев, Василий Аммосов кытта сылдьаллар.

Илин-кэлин тардыһыылаах, улахан бириистэрдээх турнир билигин саамай үгэннээн турар кэмэ. Мантан киэһэ сырдык киһи Гаврил Иванович туһунан ахтан-санаан ааһар кэриэстэбил киэһэтэ тэриллиэҕэ. Күрэхтэһии кыттыылаахтара дэлэй астаах-үөллээх остуол тула олорон доҕордорун туһунан, кинилиин оонньообут бэлиэ түгэннэрин, аармыйатааҕы мүччүргэннээх сырыыларын, колхуос, сопхуос үлэтигэр толлугаһа суох үлэтин уонна биллэн турар, тапталлаах дуобатын тула кини чаҕылхай кыайыыларын, кыһыылаах-абалаах кыайтарыыларын, көрүн-нарын туһунан омуннаах-төлөннөөх кэпсээннэрин тардыахтара турдаҕа.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.