Билигин хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр оҕону патриотическай иитиигэ улахан болҕомто ууруллар Тылы сайыннарар «Березка» оҕо саадыгар оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин үлэһиттэрин күнүгэр өр сылларга уһуйааҥҥа үлэлээбит бэтэрээннэргэ истиҥ тэрээһин ыытылынна. Бу тэрээһин чэрчитинэн оҕолору кыра саастарыттан төрөөбүт дойдуларын таптыырга, патриотическай өйгө-санааҕа иитэр-үөрэтэр соруктаах «Патриотическай муннук» – «Говорящая стена» үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Бэлиэтээн эттэххэ, маннык дьоһун тэрээһин быйылгы Арассыыйа үрдүнэн «Учуутал уонна уһуйааччы», Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, төрөөбүт Чурапчыбыт нэһилиэгэ 375 сылыгар уонна Саха сирин судаарыстыбыннаһын күнүгэр ананна. Патриотическай муннугу уһуйаан үлэһиттэрэ ис тутулугар болҕомто ууран, оҕолор саастарыгар сөп түбэһэр гына толкуйдаан, тобулан олоххо киллэрэргэ үлэлэстилэр. Кырачаан иитиллээччилэрбит бу муннуктан «Мин дойдум Арассыыйа», «Мин Сахам Сирэ», «Мин тоҕус томтордоох Чурапчым»диэн хайысхаларынан үгүс интэриэһинэйи, төрөөбүт дойдуларын туһунан сүрүн информацияны билиэхтэрэ.
Бырайыак оҕону олорор сирин, түөлбэтин, Чурапчытын, Саха сирин, Арассыыйа историятын билэригэр олус туһалаах буолуо диэн эрэнэбит.
Мария Баина