Бэҕэһээ о.э. олунньу 2 күнүгэр, Одьулуун нэһилиэгэр Чурапчытааҕы аграрнай-техническэй кэллиэс баазатыгар үс улахан тиэхэньикэлээх 30-ча киһилээх байыаннай састаап — “Арктика” эспэдииссийэтэ тохтоон аастылар.
Соҕуруу дойдуттан ыраах Өймөкөөн улууһугар айаннаан иһэр холуонна Одьулуун сиригэр-уотугар чаастан ордук бириэмэ турдулар, бу кэмҥэ оскуола үөрэнээччилэригэр тиэхэньикэлэр ис барааннарын көрдөрдүлэр, эспэдииссийэ сорох чааһа итиэннэ Дьокуускайдааҕы арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет инженерэ Владислав Кузьмин буоланнар кэллиэс устудьуоннарын кытары көрсөн кэпсэттилэр.
Байыаннайдары бэйэлэрин көрсөн кэпсэппиппитигэр, сабыс-саҥа собуоттан тахсыбыт үс тиэхэньикэни уустук суоллаах-иистээх итиэннэ тыйыс тымныы дойдуга чинчийэн үөрэтэн көрөөрү айаннаан иһэллэр эбит. Ону таһынан бу тиэхэньикэлэр үөрүйэхтэрин этэҥҥэ аастахтарына инникитин нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар көдьүүстээх буолуоҕа диэн кэпсээтилэр. Онон Чурапчы улууһун олохтоохторун “бу байыаннайдар атын туох эрэ сыаллаах-соруктаах айаннаан иһэллэр быһыылаах” диэн долгуйбаттарыгар ыҥырдылар.
Санатан эттэххэ бу эспэдииссийэ аара өссө Хандыга бөһүөлэгэр тохтоон ааһыаҕа.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ