Чурапчыга бастакынан дьиэ кэргэн МФЦ-та баар буолуоҕа

Чурапчы улууһугар кэнники сылларга дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр болҕомто биллэ күүһүрдэ. Ол курдук, кинилэргэ аналлаах элбэх өҥөнү оҥорор киин, саастарын ситэри туола илик оҕолору реабилитациялыыр киин саҥа куорпуһугар, Трактовай аатынан уулусса 20 нүөмэрдээх дьиэтигэр (уруккута “Дорожник” ХЭТ зданиета) арыллара былааннанар.

Өссө былырыын арыллыахтаах киин араас биллэр биричиинэлэригэр киириэхтээх болдьоҕо көһөрүллэн, үбэ-аһа дьэ тыырыллан, туһааннаах уораҕайы улууспут дьаһалтата СӨ Үлэҕэ министиэристибэтин кытары ыкса үлэлэһэн, билигин түмүктүүр өрөмүөн үлэтэ күүскэ бара турар. Маннык киин Саха сиригэр аан бастакытын тэриллиэҕэ.

Бүгүн, Чурапчы улууһугар СӨ Үлэҕэ миниистирин 1-кы солбуйааччы Елена Теплякова, СӨ Үлэҕэ министиэристибэтин дьиэ кэргэн бэлиитикэтинуонна демография, опека департаменын салайааччытын солбуйааччы Лана Петрова кэлэннэр өрөмүөннэнэ турар эбийиэги көрдүлэр-иһиттилэр, үлэһиттэри, улуус дьаһалтатын салайааччыларын, бэдэрээччити кытары көрсөн кэпсэттилэр.

Кинилэри улуус баһылыга Степан Саргыдаев, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова, улуус социальнай харалта управлениетын начаалынньыга Лидия Тосукаева, улуустааҕы саастарын ситэри туола илик оҕолору реабилитациялыыр киин дириэктэрэ Мария Саввина арыаллаатылар.

Эбийиэги кэрийэн көрүү кэнниттэн миниистир солбуйааччыта Елена Юрьевна, улуус баһылыгын этиилэрин болҕойон иһиттэ. Степан Анатольевич манна, бастакытынан элбэх өҥөнү оҥорор Дьиэ кэргэн киинин былааннаммытыны курдук ахсынньы 15-гэр буолбакка, Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, үүнэн иһэр дьылы – Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитинэн, кэлэр 2024 сыл быһа барыллаан бастакы үлэ күннэригэр, үөрүүлээх быһыыга-майгыга, саҥа сыл бастакы улахан тэрээһинин быһыытынан арыйарга дьоһуннаах этиини киллэрдэ. Иккиһинэн, бу киини көннөрү Дьиэ кэргэни эрэ өйүүр тэрилтэ быһыытынан буолбакка, улахан Дьиэ кэргэн үнүстүүтүн быһыытынан тэрийэн, штаттарын аттаран, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар дьиэ кэргэттэригэр эмиэ сөптөөх көмөнү оҥорорго улахан боппуруоһу көтөхтө. Үсүһүнэн, эрдэтээҥҥи Нидьили түөлбэтигэр турар реабилитационнай киин уһаайбатын улуус үөрэҕин управлениетын балансыгар биэрэн, инникитин эдэр исписэлиистэр кэлэн олохсуйар дьиэлэрин тутарга кыах биэрэллэригэр эттэ. Ол кэнниттэн бэдэрээччиккэ, бу ахсынньы ыйы аһарбакка, ыйыллыбыт кэмин куоттарбакка эбийиэк үлэтин толору туттарарыгар сорудахтаата, итиэннэ эһиилги сылга хаалбыт бытархай үлэлэри тиһигэр тириэрдэн түмүктүүллэрин мэктиэлээтэ.

Елена Теплякова этиилэри олус болоҕойон иһиттэ, сорох түгэннэри кытары сөбүлэстэ, Степан Анатольевич илдьитин миниистир Елена Волковаҕа тириэрдиэх буолла. “Үлэ бара турара харахха тутатына быраҕыллар. Киирбит этиилэргитин барытын иһиттибит, Елена Александровна сөптөөх быһаарыыны ыларыгар эрэнэбит. Сырдык, улахан, толору хааччылыылаах дьиэҕэ-уокка киирэн эрэригититтэн үөрэбит. Нуучча биир биллиилээх артыыһа эппитинии: “Үлэҕэ үөрүүнэн кэлэн, дьиэлэригэр үөрүүнэн тарҕаһыылара”, — хайаан даҕаны баар буолуохтаах, эһиги исписэлиистэр итинник буолалларыгар баҕарабыт. Чурапчы улууһа нэһилиэнььэтэ улахан, ону таһынан нэһилиэнньэ 31% оҕо-аймах, ити олус үчүгэй көрдөрүү. Ити аата Чурапчы улууһа инникилээх, дьиэ кэргэн киинигэр үлэтин хайысхата хайаан даҕаны элбэх, хабар иэнэ элбэх буолуохтаах. Онон инникитин ситиһиилэри эрэ баҕарабыт”, — диэн миниистир бастакы солбуйааччы Елена Юрьевна көрсүһүүнү түмүктээтэ.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ