Чурапчыга аҕам саастаахтар дэкээдэлэрэ бэрт сэргэхтик ааста

Быйыл Аҕам саастаахтар күннэрин Чурапчыга нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Матвеева уонна улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Матрена Матвеева сонуннук тэрийдилэр.

Арчы дьиэтигэр сарсыарда 10 чаастан алгысчыт М.П. Божедонова  истиҥник, киһиэхэ тиийимтиэ тылынан алҕаата, олоҥхонон түмүктээтэ. Салгыы Арчы дьиэтин үлэһиттэрэ сылаас алаадьылаах саламаатынан, быырпаҕынан кэлбит ыалдьыттары күндүлээтилэр. Бырааһынньыгынан улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Чурапчы улууһун социальнай салалтатын салайааччыта Лидия Тосукаева уонна Матрена Николаевна, Мария Петровна, Семен Никитин эҕэрдэлээтилэр. Үөрүүлээх чааһы «Айылгы» НАДь режиссера Василий Николаев сэргэх ырыатынан арыаллатта.

Ол кэнниттэн бэтэрээннэри оптуобуһунан уонна үөрэх салалтатын массыынатынан оройуоммут кэрэхсэнэр сирдэринэн сырытыннардылар. Улуу тириэньэр Дмитрий Коркин, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Иван Павлов уонна  үөрэппит, тапталлаах учууталым Степан Макаров — Саха Маресьева пааматынньыктарыгар сылдьан хаартыскаҕа түстүбүт, сүгүрүйэн, сибэкки уурдубут. Чулуу дьоммут норуоттарын туһугар оҥорбут үтүөлэрин туһунан Андрей Саввин аатынан мусуой дириэктэрэ Юрий Толстоухов кылгастык эрээри, сиһилии, чаҕылхайдык кэпсээбитин сэргээн иһиттибит. Экскурсиябытын Кыайыы мемориалынан түмүктээн, остолобуойга эбиэттээтибит. Онтон «Утум» Айыы кыһатыгар маастар-кылаастарга: хомуска, сиэлгэ, кыбытык тигиигэ, мас оҥоһуктары оҥорууга уонна цифровой сыһыарыылары сөпкө туттууга сырыттыбыт. Мин цифровой сыһыарыыларга орто оскуола педагог-организаторыгар А.В. Степановаҕа дьарыктанан, балай да быһаарсар кыахтанным. Бу сэргэх тэрээһиммитин оҕолор, улахан дьон кэнсиэрдэринэн, оһуохайынан түмүктээтибит.

Күнү быһа сылайбакка тэрээһин кыттыылаахтарын арыаллаан, кыаммат саастаахтарын өйөөн-убаан илдьэ сырыттылар. Маннык үтүө күнү аҕам саастаахтарга бэлэхтээбиттэрин иһин Мария Матвееваҕа, Матрена Матвееваҕа, ыытааччы Иван Бушковка, Арчы, Утум дьиэтин үлэһиттэригэр истиҥник махтанабын. Инникитин да айымньылаах үлэни, кырдьаҕастаргыт махталларын, алгыстарын ылан, доруобай, дьоллоох буолуҥ!

Кырдьаҕастар дэкээдэлэрин чэрчитинэн «Айар» кинигэ маҕаһыына туруорбут усулуобуйаларынан, 10 кинигэттэн үөһэ 1 кинигэни талан босхо ылаҕын. Мин «Якутские орнаменты» диэн кинигэни ылан үөрдүм. Маны таһынан «Айыллаан» киинэ тыйаатырга «Лоокуут уонна Ньургуһун» киинэни 50% чэпчэтиилээх көрөн астынныбыт. Эбиитин социальнай үлэһитим Елена Лукина кэпсэтэн, тыйаатырга таксинан босхо тиэйтэрдэ. Ону тэҥэ Елена Дмитриевна, Чурапчы орто оскуолатын 7 «в» кылааһын салайааччыта Дмитрий Соловьев кылааһын уолаттарынаан мууспун аҕалан биэрдилэр. Онон быйылгы кырдьаҕастар күннэригар анаан ыытыллыбыт тэрээһиниттэртэн олус үөрдум. Елена Дмитриевнаҕа, кылаас салайааччыта Дмитрий Петровичка, VII-с  «В» кылаас уолаттарыгар истиҥ махтал тылларын этэбин, ситиһиилээх үөрэҕи, кырдьаҕаска, кыаммакка инникитин да көмөлөөх, үтүө дьон буола улааталларыгар баҕарабын.

Үлэ, тыыл бэтэрээнэ, 89 саастаах Матрена Феофанова