Чурапчыга Аҕа дойду Дьоруойдарын кэриэстээн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Бүгүн – ахсынньы 9 күнүгэр, Аҕа дойду Дьоруойдарын кэриэстиир бэлиэ күҥҥэ Чурапчы улууһугар кэккэ дьаһаллар ыытыллыахтара. Сарсыарда 10 чааска, улууспутугар улахан историческай суолталаах Бырааба томторугар, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сырдык тыыннарын толук уурбут дьоммутугар анаан сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома ыытылынна.

  • Бу билиҥҥи уустук бириэмэҕэ, анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт уоппускаҕа кэллилэр. Онон бүгүн Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар Аҕа дойду Дьоруойдарын кэриэстиир күммүтүгэр мустан турабыт. Бэлиэ даата өссө ыраахтааҕы кэмиттэн бэлиэтэнэр, онтон салгыы улахан уларыйыылар бараннар кэлин Сэбиэскэй Сойуус онтон Арассыыйа дьоруойдарын ааттыыбыт. Бары билэбит, Саха сириттэн 24 Аҕа дойду Улуу сэриитин Дьоруойдара бааллар, маны таһынын Үлэ Дьоруойдарын эмиэ киэн тутта ааттыыбыт. Тохтоон ааһар буоллахха биһиги бастакы Социалистическай Үлэ Дьоруойбут Роман Константинов Чурапчы оройуонуттан тахсыбыта. Бэҕэһээ Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал Арассыыйа Дьоруойдарын сулустарын элбэх хорсун быһыыны оҥорбут саллааттарбытыгар туттарда. Онон бүгүн үгүс улуустарга, оскуолаларга Дьоруой күнүн бэлиэтии сылдьаллар. Билигин бу турар томторбутуттан 1941 сыллаахха биһиги эбэлэрбит, эһэлэрбит, убайдарбыт мантан дойдуларын фашистартан көмүскүү сэриигэ айаннаабыттара. Оройуоммутуттан 2000-тан тахса киһи ыҥырыллан барытыттан 900-тэн тахса киһитэ кыргыһыы хонуутугар букатыннаахтыы хаалбыттара”, — диэн улуус баһылыга Степан Саргыдаев эттэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр фронтовиктар, бартыһааннар, миэдиктэр, оробуочайдар, тыа сирин үлэhит норуота, хас биирдии киһи Кыайыы туһугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэрэ.

Улуус Аҕа баһылыга этэринэн, күн бүгүн Саха сирин хорсун-хоодуот байыастара Аҕа дойду көмүскэлигэр халбаҥнаабакка туруналлар. “Биһиги дьоруойдарбыт туһунан өйдөбүнньүк уонна дойдуга тапталбыт билигин барыбытын биир сыалга тиэрдэр. Кыайыыга эрэллээхпин!” — диэн Степан Анатольевич бэлиэтээн эттэ.

Бэлиэ күҥҥэ улууспут оскуолаларыттан, уопсастыбаннас, улуус, нэһилиэк салалталарыттан, үөрэх управлениетыттан, осуола үөрэнээччилэрэ, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ кыттыыны ыллылар.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ