Байыаннай дьайыыга мобилизациянан ыҥырыллыбыт уонна баҕа өттүлэринэн итиэннэ контрагынан сулууспалыы сылдьар биир дойдулаахтарбыт этэҥҥэ, чэгиэн эргиллэн кэлэллэрин туһугар, улуус дьаһалтата, бары тэрилтэлэрэ, дьоно-сэргэтэ көмө араас көрүҥүн хомуйууга, тиэрдиигэ, кинилэр дьиэ кэргэннэрин кыһалҕаларын быһаарыыга үгүс өрүттээх үлэни-хамнаһы тэрийэллэр. Итини тэҥэ онно тиийэн суорума суолламмыт хорсун буойуннарбыт сырдык ааттарын үйэтитиигэ туһуламмыт боппуруостарга эмиэ үлэ-хамнас ыытыллан эрэр.
Бу күннэргэ улууспут биир киин уулуссатыгар – П.П. Пинигин аатынан уулуссаҕа Сергей Юмшановы, Николай Романовы, Илья Протодьяконовы сырдатар баннеры ыйаатылар. Оттон биһиги эрэдээксийэбитигэр кинилэр олорон ааспыт кылгас, ол эрээри чаҕылхай олохторун сырдатар кэриэстэбил-ахтыы матырыйааллары төрөппүттэрэ, чугас дьонноро аҕалан биэрдилэр. Ону эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.
***
Юмшанов Сергей Иннокентьевич
Атырдьах ыйын 7 күнүгэр 1976 сыллаахха Дьааҥы улууһун Боруулаах нэһилиэгэр Иннокентий Ионович Юмшанов, Христина Петровна Слепцова дьиэ кэргэҥҥэ бүтэһик оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ соҕотох уол оҕолорун маанылаан ииппиттэрэ. Төрүөҕүттэн ыарыһах, иринньэх оҕо буолан элбэхтик балыыһаҕа киирэрэ, эмтэнэрэ. 1983 сыллаахха Боруулаахтааҕы аҕыс кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Бастакы учуутала Надежда Дмитрьевна Юмшанова этэ. Оскуола иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ, субуотунньуктарга көхтөөхтүк кыттара. Ордук сөбүлүүр уруоктарынан уруһуй, ырыа, үлэ предметтэрэ этэ. Сүрдээх үчүгэйдик уруһуйдуура, Виктор Цой ырыаларын үтүктэн ыллыыра. Айылҕаҕа сылдьарын, балыктыырын, бултуурун, уруһуйдуурун, уһанарын олус сөбүлүүрэ. Оскуоланы 1993 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитэ. Салгыы “Боруулаах” сопхуоска оробуочайынан үлэлээбитэ.
1994 сыллаахха Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, Забайкальскай байыаннай чааска икки сыл сулууспалыы барбыта. Онно барыга-бары сыһыамах, сатабыллаах уолу хамандыыра, старшай лейтенант Орехов бэлиэтии көрбүтэ. Уонна взвод хамандыырын солбуйааччынан анаабыта. Характеристикатыгар кинини бэрээдэктээх, ыраас, байыаннай устаабы билэр, бирикээһи толорумтуо уонна киниэхэ сыһыарыллыбыт взводу сатабыллаахтык салайбытын бэлиэтээбит этэ. Байыаннай чааһыгар кинини убаастыылларын, сөбүлүүллэрин суруйбут. Икки сыл сулууспалаан, танкист, старшай сержант званиелаах Сергей Иннокентьевич Юмшановка ытык иэһин чиэстээхтик толорбутун иһин, байыаннай чааһын хамандыыра Серов илии баттааһыннаах Махтал суругу туттарбыта.
1996 сыллаахха армияттан кэлэн баран, дойдутугар кулуупка техүлэһитинэн, хачыгаарынан үлэлии киирбитэ.
1998 сыллаахха Чурапчыга, эдьиийигэр кэлбитэ. Бу дойдуну сөбүлээн, иккис дойду оҥостубута. Уонна ол сыл Одьулууннааҕы ОПТУ-га технолог-ювелир үөрэҕэр туттарсан киирбитэ. ОПТУ уопсайыгар олорбута. Өрөбүл, бырааһынньык аайы балыстарын ахтан, сатыы тиийэн кэлэрэ. Балыстарын, бырааттарын барыларын наһаа таптыыра, куруук кыра кэһиилээх сылдьара. Үөрэҕэр үчүгэй этэ – 4 уонна 5 сыаналаах дипломунан түмүктээбитэ. Элбэх доҕоттордоммута. Уус дьоҕурдаах буолан ювелир идэтин түргэнник баһылаабыта. Куратора, учууталлара олус хайгыыллара. Аҕыйах сыл иһигэр дэгиттэр көмүс ууһун маастара, төрдүс разрядтаах ювелир-монтировщик буолан тахсыбыта. Ытарҕаны, биһилэҕи, илин кэбиһэри сүрдээх үчүгэйдик оҥороро. Тимиринэн да уһанара. Саха быһаҕын, хомуһу, дэйбиири эмиэ сатыыра.
2000 сыллаахха үөрэҕин үчүгэй сыананан бүтэрбитэ. ОПТУ-га үлэлии хааллара сатаабыттарын буолумматаҕа. “Дойдубар баран оҕолору үөрэтиэм” диэн баҕалааҕа.
2001 сыллаахха дойдутугар тиийэн “Боруулаах” сопхуоска таба ыстаадатыгар табаһытынан үлэлии киирбитэ. Онно икки сыл үлэлээн баран, сопхуоска оробуочайынан киирбитэ.
Онтон 2003 сыллаахха Үөһээ Дьааҥы куоратыгар ОДьКХ тэрилтэтигэр оробуочайынан үлэҕэ киирбитэ. Тымныы дойдуга хочуолунайдар туруктара мөлтөх буолан, ититии ситимэ үгүстүк алдьанара. Онуоха барытыгар Сэргэйи ыҥыран сыбааркалаталлара. Түргэн-тарҕан туттуулааҕын иһин бииргэ үлэлиир дьоно астыналлара.
2004 сыллаахха Верхоянскай куоракка киин хочуолунайга хачыгаарынан, болуотунньугунан үлэлээбитэ.
2006 сыллаахха Чурапчыга эдьиийигэр олоро кэлбитэ. “Кэнчээри” маҕаһыыҥҥа миэбэл сыаҕар столярынан киирбитэ.
Онтон Чурапчытааҕы МТС тэрилтэҕэ чоҕунан оттуллар хочуолунайга хачыгаарынан үлэлээбитэ. Ол саҕана, начаалынньыгынан Николай Васильевич Оконешников үлэлиир этэ. Үлэтигэр үтүө суобастаахтык, олус табыллан үлэлээбитэ. Тэрилтэтин дьонун кытта куруук үөрэ-көтө кэпсэтэрэ. Хаһан да үлэтигэр хойутаабат, эппиэтинэстээх этэ.
Дойдутун ахтан, 2011 сыллаахха Верхоянскайга барбыта. Онно тиийэн муусука оскуолатыгар остуорастаабыта. Бииргэ төрөөбүт эдьиийигэр Мотренаҕа олорбута. Күтүөтүн кытта массыынатын өрөмүөннэһэрэ, олбуордарын иһигэр улахан гараас тутан биэрбитэ.
2014 сыллаахха Чурапчыга көһөн кэлбитэ. “Сайдам” маҕаһыыҥҥа охраннигынан үлэҕэ киирбитэ. Салайааччытын, бииргэ үлэлиир уолаттарын кытта олус бэркэ тапсан үлэлээбитэ. “Сайдам” маҕаһыыҥҥа үлэлээбит кэмнэрин истиҥник саныыра, быыс булла да, кинилэргэ баран кэпсэтэн, сүргэтэ көтөҕүллэн кэлэрэ. Саҥа маҕаһыыҥҥа көһөллөрүн истэн олус үөрбүтэ. Биирдэ эмэ табаардарын сүөккээһиҥҥэ баран көмөлөстөҕүнэ, үөрэн аҕай кэлэрэ. Үлэлээбит кэлэктиибин оннук иһирэхтик ылыммыта.
2019 сыллаахха дойдутугар быстах баран олоро сылдьыбыта. Тыа сиригэр сөптөөх үлэ көстүбэтккэ, Чурапчыга төттөрү кэлбитэ. Хамсык ыарыы туран, үлэҕэ дэбигис киирэр уустугурбута. Онон быстах столярдаабыта Дьонугар олорон, элбэх тутууну ыыппыта. Уус буолан, кини хайдахтаах да үлэни тулуппат этэ. Дьиэ, гараас, баанньык, душ, сахалыы оһуордаах олбуор, оҕолорго оонньуур сир, хачыал, тэрилииссэ тутуутун кыайа туппута. Туттара-хаптара түргэнэ-тарҕана, ылынна да, бүтэрэ-оһоро охсор мөккүөрдээҕэ. Кини туппута-хаппыта барыта орун-оннугар, дьып-дьап буолара. Итини таһынан Сергей наһаа үчүгэйдик уруһуйдуура. “Бу барыта уус аҕам уонна оскуолаҕа үлэ уруогар үөрэппит учууталым Яков Яковлевич Потапов уһуйуулара”, — диэн олус истиҥник ахтара. Кини өссө асчыт бэрдэ этэ. Кини астаабыт аһа ураты минньигэс буолара, бэйэтэ да онтон олус астынара, үөрэрэ. Кыһынын хаатыҥка, этэрбэс улларан, сайын оттоон-мастаан күннээҕи түбүктэн быыс булбат буолара. Уопсайынан, Сергей Иннокентьевич ханнык да үлэттэн толлон турбат этэ. Оҕуруокка үлэлиирин, сир астыырын, балыктыыран, кустуурун сөбүлүүрэ. Күһүн муҥхаҕа сылдьара. Ис-иһиттэн сахалыы куттаах буолан, айылҕаҕа таҕыстаҕына сиэри-туому тутуһара. Дойдутун, табаарыстарын ахтара. Доҕотторун кытта сибээһин быспатаҕа. Аан дойдуга туох буола турарын, политиканы ырытара, санаатын үллэстэрэ. Ыал буолан, оҕо төрөтөн удьуорун утумнуур дьолу билбэтэҕэ хомолтолоох…
2022 сыл балаҕан ыйын 22 күнүгэр Дойду үрдүнэн буолбут мобилизацияҕа ыҥырыллан, биир бастакынан бэбиэскэ туппута. Хабаровскайга байыаннай чааска аҕыйах ый үөрэнээт, Украинаҕа сэриигэ барбыта. Бэйэтэ айылҕаттан тулуурдаах буолан, сибээскэ тахсан төлөпүөннэстэҕинэ даҕаны хаһан да үҥсэргээбэт этэ. Күннээҕи сонунунан муҥурданара. Окуопа хаһан хоноллорун, онно күн-дьыл туругун, олус ардахтааҕын, бадарааннааҕын эрэ кэпсиирэ. Уонна “хайаан да эргиллиэм” диэхтиирэ. Бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Юмшанова Мотрена Иннокентьевна бу дьыл, ахсынньы 18 күнүгэр ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Ону истэн олус хараастыбыта, аймаммыта. Сэргэй бүтэһигин ахсынньы 23 күнүгэр сибээскэ тахса сылдьыбыта. Минометнайга үөрэппиттэрин, передовойга баран эрэллэрин эппитэ. “Онно сибээс суох, баҕар сүтэн хааллахпына, айманымаарыҥ”, — диэбитэ. Онтон ыла сибээскэ тахсыбатаҕа. Күн аайы кэтэһэн көрөрбүт, эрийэрбит да, туох да биллибэтэҕэ. Санаабытыгар, сотору эрийиэ диэн кэтэһэрбит. “Кини курдук айаны-сырыыны сылдьыбыт, тоҥмут-хаппыт, олох тургутуутун барытын ааспыт киһи, тугу барытын сатыыр, ыарахантан чаҕыйбат, толлубат, булчут киһи өлөн-охтон биэриэ суоҕа” диэн бөҕөх санаалаах этибит. Хайаан да биһиэхэ тыыннаах эргиллэн кэлиэҕэ диэн эрэнэрбит. Таҥараттан көрдөһөрбүт…
Онтон “2022 сыл ахсынньы 28 күнүгэр 46 саастаах Россия саллаата, старшай сержант Юмшанов Сергей Иннокентьевич Украина сиригэр байыаннай сорудаҕы толоро сылдьан сырдык тыына быһынна” диэн ыар сурах кэлбитэ.
Сергей Юмшанов Чурапчы сириттэн сэриигэ барбыта. Ийэ дойдутун иннигэр ытык иэһин төлөөн, инники кирбиигэ сылдьыбыта, олоҕун тиһэх күнүгэр диэри хорсуннук киирсэн, өстөөх буулдьатыттан тыына быһынна…
Өлбүтүн кэнниттэн кини «Хосунун иһин» уордьанынан наҕараадаламмыта.
Эдьиийэ Римма Корякина
Романов Николай Николаевич
Николай Николаевич Романов 1980 сыллаахха бэс ыйын 3 күнүгэр Чурапчы оройуонун Соловьев нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Коля Романов элбэх оҕолоох Парасковья Дмитриевна уонна Николай Николаевич Романовтар дьиэ кэргэҥҥэ 4 эдьиий кэнниттэн бастакы күүтүүлээх, мааны уол оҕонон төрөөбүтэ, төрөппүттэрин дьоллообута. Онон оҕо эрдэҕиттэн тапталга, далбарга улааппыта. Коля оҕо сааһа сардааналаах хочолоох кыыс Амма кытылыгар, Тэйэр Хайа тэллэҕэр, кэрэ айылҕалаах Мырыла кырдалыгар доҕотторун кытта сүүрэн-көтөн, оонньоон, Амма эбэ уутугар дуоһуйа сөтүөлээн, бэрт кыра сааһыттан бултаан-алтаан, дьонун үөрдэн, айылҕалыын алтыһан дьоллоох оҕо сааһа ааспыта. Ыал улахан уола буолан, олус эппиэтинэстээх этэ, тыа сирин үлэтин сатыы-кыайа улааппыта, төрөппүттэригэр саамай тирэх, көмө киһилэрэ этэ.
1987 сыллаахха Нестор Соловьев аатынан орто оскуола бастакы кылааһыгар үөрэнэ киирбитэ. Коля кыра эрдэҕиттэн боччумнаах, сэмэй, лоп-бааччы толкуйдаах, үөрэххэ тардыһыылаах буола улааппыта. Дьоҕурдаах, билиигэ-көрүүгэ баҕалаах буолан, уруок тиэмэтин ыарырҕаппат этэ – бэйэтэ хасыһан үөрэтэрэ, сөбүлээбит кинигэтин тута сылдьан ааҕара. Кылаас саамай тумус туттар үөрэнээччитэ буолан үөлээннээхтэригэр, учууталларыгар үтүө эрэ өйдөбүлү хаалларбыта. Биир да уруогу көтүппэккэ үөрэнэргэ дьулуһара, кылаас бастыҥ үөрэнээччитэ буолан бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта. Оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиннэргэ, билиини тургутар оонньууларга кини хамаандата куруук кыайыылаах тахсара. Математиканы, биологияны, ырыаны сэргиирэ, олус үчүгэйдик ыллыыра. Кылааһын уолаттарын кытта ВИА тэринэн кэнсиэрдэргэ кытталлара, дьон биһирэбилин ылбыттара. Бары олимпиадаларга кыттара, призер, лауреат буолан учууталларын үөрдэрэ. Улахан дьоҥҥо ытыктабыллаах сыһыаннааҕа. 1997 сыллаахха оскуолатын бүтэрбитэ. Салгыы Максим Аммосов аатынан Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университекка ситиһиилээхтик туттарсан, устудьуон үрдүк аатын сүкпүтэ. Устудьуоннуур сылларыгар элбэх эрэллээх доҕоттордоммута. СГУ уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттара. 2004 сыллаахха географ идэтин баһылаан, олох киэҥ аартыгар үктэммитэ.
Үөрэҕин бүтэрээт, төрөөбүт оскуолатыгар Мырылаҕа биология уонна география учууталынан ананан кэлбитэ, кылаас салайааччытынан буолбута. Оскуола иһинэн туризмы тэрийбитэ. Үөрэппит учууталларын улахан итэҕэлин толорон, кэлэктиипкэ ытыктанар учуутал буолбута.
Николай Романов араас тэрилтэлэргэ үөрэнэн, үлэлээн ааспыт кэмнэрин билиһиннэрдэххэ:
— 2006-2009 сылларга өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-лицейгэ хаһаайыстыбаннай чаас үлэһитэ;
— 2009 сыллаахха Максим Аммосов аатынан СГУ саҥалыы бэлэмнээһин кууруһугар үөрэнэн, «Финансы и кредит» үөрэҕи кыһыл дипломунан бүтэрбитэ;
— 2010 сыллаахха «Алмазы Анабара» акционернай уопсастыбаҕа матырыйаалынай-техническэй хаһаайыстыбаннай чаас үлэһитэ;
— 2011 сыллаахха Нам улууһун дьаһалтатын тэрийэр отделыгар кылаабынай исписэлииһинэн үлэтин саҕалаабыта;
— 2012 сыллаахха экономика управлениетын кылаабынай исписэлииһэ;
— 2014 сылтан муниципальнай сулууспа үлэһитэ, экономика управлениетын торумнааһын уонна былааннааһын исписэлииһэ;
— 2015 с. Хатыҥ Арыы дьаһалтатыгар үп уонна экономика исписэлииһэ.
2016 сыл, тохсунньу 1 күнүттэн Нам улууһун култуура сайдыытын управлениетыгар экономикаҕа кылаабынай исписэлииһинэн үлэлии киирбитэ. Кини үлэлиир кэмнэригэр култуура экономическай үлэтэ сааһыланан, араас граннарга, куонкурустарга кыттар буолбута. Николай Николаевич быһаччы көмөтүнэн улуус айар кэлэктииптэрин матырыйаалынай-техническэй базатын бөҕөргөтөр сыаллаах улуус баһылыгын Грана көрүллэр буолбута. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр Граннарга мусуой, бибилэтиэкэ, оҕо искусство оскуолата ситиһиилээхтик кыттыбыта. Саҥа дыбарыас үлэҕэ киирэригэр эбии штат боппуруостарыгар, култуура тэрилтэлэрин хапытаалынай өрөмүөннэрэ, тэрээһиннэр үбүлээһиннэрэ кини сүбэтинэн быһаарыллара.
2019 сыллаахха улуус дьаһалтатыгар экономика управлениетыгар көспүтэ, үлэлиир кэмигэр экономика салаатыгар салайааччы солбуйааччытыгар тиийэ үүммүтэ. Николай дьаһалтаҕа кэлбит кэмигэр болдьохторо бүппүт муниципальнай тус сыаллаах бырагыраамалар барыта саҥаттан оҥоһуллубуттара. Улахан бырагыраамалары бэйэтэ сүрүннэһэн оҥорбута. Ол курдук: «Развитие культуры в МО Намский улус» за 2020-2024 годы», «Экономическое развитие и инновационная экономика МО «Намский улус» на 2020-2024 годы», «Доступная среда в МО «Намский улус» на 2020-2024 годы». Бу бырагыраамалар туолууларын кытаанах хонтуруолга ылан, көдьүүһүн ааҕан-суоттаан, учуоттаан, олоххо киириэхтэригэр диэри сүрүннээбитэ. Бу барыта кини ис сүрэҕиттэн ылсан, сыратын биэрэн үлэлээбит үлэтин түмүгэ буолар. Кини бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрин кытта үлэлэрин сүрүн хайысхата – улуус уонна нэһилиэк бүддьүөттэрин былааннааһын, ылыныы, ону сөпкө туһаныы, хонтуруоллааһын, улуус олохтоох дохуотун ааҕыы, улаатыннарыы, улуус инники сайдыыта бөҕөргүүрүгэр бырайыактары, этиилэри көмүскээһин, олохтоох үбү-харчыны тыырыыга үлэ ньымаларын тупсарыы, сайыннарыы. Бу үлэлээбит сылларыгар иккитэ дойду тэбэр сүрэҕэр – Москва куоракка олохтоох бэйэни салайыныы үлэһиттэрин мобилизацияҕа бэлэмнэнии эйгэтигэр квалификациятын үрдэппитэ. Уопсайынан, улууска экономика салаатыгар мобилизацияҕа бэлэмнэнии кини салайыытыгар сылдьыбыта.
Улуус баһылыга Юрий Слепцовтуун, биир идэлээхтэрин кытта бэркэ тапсан үлэлээн-хамсаан кэлбитэ. Улуус дьаһалтатын үлэтигэр харчы хамсааһына барыта кини илиитин иһинэн ааһара, киниэхэ сүктэриллибит сорудаҕы чуолкайдык, үрдүк таһымнаахтык толорбутун кэллиэгэлэрэ бэлиэтииллэр.
Инникини толкуйдуур, былаанныыр, ааҕар-суоттуур үрдүк таһымнаах исписэлиис буолан, ылсыбыт дьыалатын ымпыгар-чымпыгар диэри тиһэҕэр тиэрдэр үлэһит этэ. Улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар бэйэтин кыаҕынан үлэлээн-хамсаан, эппиэттээх үлэлэргэ буһан-хатан улахан үлэни тэрийсибитэ.
Николай Романов дойдутун Мырыланы куруук ахтар-саныыр, нэһилиэгин туһугар ыалдьар этэ. Ол да иһин 2017 сыллаахха саҥаны, сонуну олоххо киллэрэр сыаллаах төрөөбүт Мырылатыгар баһылыкка туран быыбарга кыттыбыта.
2020 сыллаахха «Высшая школа инновационного менеджмента при Главе РС(Я)» үөрэнэн, «Создание благоприятных условий для развития туризма на примере Намского улуса» аттестациялыыр үлэтин көмүскээбитэ. Инники өттүгэр Николай Николаевич туруорсан оҥорбут бырагыраамалара, дьоһун өҥөтө, көмөтө сайдыыны түстүү туруохтара. Түбүктээх үлэтин быыһыгар субуотунньуктарга, тупсарыы үлэтигэр, ыксаллаах быһыыга-майгыга барытыгар ылсан, хаһан да туора турбатаҕа. Ол курдук, халаан уута кэлиитигэр, улахан ойуур баһаардарыгар сылдьыһар этэ.Үлэлиир кэмнэригэр идэ таһымын үрдэтэр хас да үөрэҕи бүтэрбитэ. Никольскай нэһилиэгин куратора этэ.
Ити курдук, Николай Николаевич үлэ үөһүгэр сылдьан, баҕа өттүнэн тылланан, 2023 сыллаахха, тохсунньуга бэбиэскэ тутан, Украинаҕа көппүтэ. Владивосток куоракка 2 ый байыаннай бэлэмнэнии үөрэҕин ааһан, Донецкайга тиийбитэ. Анал байыаннай дьайыыга 7 аҥаар ый сылдьарын тухары, сотору-сотору сибээскэ тахсан, дьиэ кэргэнин, үлэни-хамнаһы, кэллиэгэлэрин туһунан сураһара. Улууска буолар быыбары, үлэни-хамнаһы олоҕун тиһэх күннэригэр диэри туоһулаһар этэ.
Сахалыы иитиилээх, көнө сүрүннээх, киэҥ-холку майгылаах, мындыр толкуйдаах, кыраҕа ымыттыбат эр сүрэхтээх чулуу ыччаппытын, чугас дьонугар саамай дурда-хахха буолар эрэллээх киһибитин сүтэрбиппит олус да кыһыылаах, тылынан эппэт абаккалаах… Николай олоҕу наһаа таптыыра. Кэргэнигэр, оҕолоругар, чугас дьонугар этэҥҥэ эргиллэн кэлэр, олоҕун салгыы олорор бигэ эрэллээх этэ. Үгүс былааннардаах этэ. Ону бара, балаҕан ыйын саҥатыгар ыар сурах кэлэн барыбытын соһутта уонна уолутта. Ол эрээри кини чаҕылхай, эр киһилии дьоһуннаах, сиэрдээх олоҕо, саалаахтан самныбат хорсун дьоруойдуу быһыыта холобур буолуоҕа, аатын ааттата туруоҕа.
Биир дойдулаахпыт, тапталлаах уолбут, убайбыт, бырааппыт, аҕабыт, убаастыыр кэллиэгэбит өссө да орто дойдуга биһигини кытта тэҥҥэ үөрэ-көтө олох дьолун билэн, үлэлии-хамсыы сылдьыаҕын Украинаҕа тахсыбыт иэдээннээх быһыы-майгы күндү киһитин баара-суоҕа 43 сааһыгар илдьэ барда. Эрэллээх кэргэн, 3 оҕо тапталлаах аҕата, убаастыыр, киэн туттар киһибит Николай Николаевич олорбут олоҕо, чопчу сыаллаах үлэтэ-хамнаһа, оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө хаһан да умнуллуо суоҕа.
Кэргэнэ Ньургуйаана Романова
Протодьяконов Илья Борисович
1993 сыллаахха ыам ыйын 6 күнүгэр Алаҕар нэһилиэгин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ игирэтин аҥаарынаан Алялыын тохсус, онус оҕонон күн сирин көрбүттэрэ. 2001 сыллаахха Алаҕар орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар спорт бары көрүҥүнэн дьарыктанара. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар бары күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттара. 2011 сыллаахха оскуоланы бүтэрбитэ. Салгыы устудьуоннуу барбыта. Онно сылдьан ытык иэһин төлүү, Армияҕа ыҥырыллыбыта. Чита куоракка 4 ый устата анал байыаннай үөрэҕи ааһан, Хотугу Кавказка итии точкаҕа сылдьыбыта. Сулууспатын чиэстээхтик толорон, сылга биирдэ бэриллэр “Черный крест” мэтээлинэн наҕараадаламмыта, алта бастыҥ саллаат иһигэр киирэн, “Хотугу Кавказ байыаннай сулууспатын туйгуна” уордьанынан бэлиэтэммитэ.
Дойдутугар төннөн кэлэн, спордунан дьарыктанарын бырахпатаҕа, Алаҕар нэһилиэгэр спорт инструкторынан бэриниилээхтик үлэлээбитэ.
2023с. балаҕан ыйын 22 күнүгэр уопсай мобилизацияҕа ыҥырыллан барбыта. Онно бэйэтин кыаҕынан, сатабылынан бэриниилээхтик ытык иэһин толорон, байыаннай дьайыыга инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Быйыл сайын бэс ыйын 4 күнүгэр Украинаҕа Новодаровкаҕа сырдык тыына быстыбыта.
Илья байыаннай дьайыыга эҥкилэ суох бэриниилээхтик, хорсуннук сэриилэспитин иһин “Хорсун быһыытын иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Ийэтэ Мотрена Протодьяконова