Кэнники сылларга иккилии-үстүү игирэлэнии элбээтэ эрээри, Чурапчы улууһугар бу – иккис улахан үөрүү. Кырачааннар номнуо сахалыы ааттаахтар – Байхан, Санаайа уонна Байан.

Перинатальнай киин үлэһиттэрин болҕомтолорунан, сылаас сыһыаннарынан ийэ уонна игирэчээн оҕолор этэҥҥэлэр.

Дьоллоох төрөппүттэр Туйара Петровна Устинова уонна улууспут биир күөн туттар тириэньэрэ Реворий Михайлович Елисеев оҕолорун кытары сотору кэминэн дойдуларыгар Хадаарга кэлээри бэлэмнэнэ сылдьаллар, оттон дойдуларыгар ньээкэ уйаларыгар улахаттара долгуйа кэтэһэллэр.

Онтон Дойдуга — Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр — Оҕо саас оттон Чурапчы улууһугар — Ыал саргыта сылларыгар бу маннык түгэн — дэҥҥэ көстөр бэлэҕинэн буолар!

Манна даҕатан эттэххэ, бастакы маннык үс игирэ икки уол уонна биир кыыс оҕо төрөөбүттэрин туһунан үөрүүлээх сураҕы Чурапчы оройуонун олохтоохторо 1980-1990 сыллар икки ардыларыгар истибиттэрэ, дьоллоох ийэнэн Инна Семеновна Петрова буолар.

 

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ