Чурапчы үөрэнээччилэрэ “Үрүҥ туруйа” акцияны көҕүлүүллэр

С. А. Новгородов аатынан  Чурапчы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара Көһөрүллүү күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, “Үрүҥ туруйа” акцияны иккис сылын тэрийдилэр.  Бу акция,  Расул Гамзатов  ырыатыгар ылланарыныы, сэрии сылларыгар хоту улуустарга күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ баран  эргиллибэтэх биир дойдулаахтарбытыгар ананар.

Былырыын саас акцияҕа бэлэмнэн, оскуола  үөрэнээччилэрин ортотугар значок эскииһин оҥорууга куонкурус тэрийбиттэр. Онно 3-с кылаас үөрэнээччитэ Кирилл Тарбахов бэлэмнээбит эскииһэ биһирэнэн, значоктары оҥорторбуттар. Олору Көһөрүллүүгэ анаммыт кэриэстэбил миитинигэр мустубут дьоҥҥо иилбиттэр.

“Оччотооҕу ыар сылларга күүс өттүнэн Хоту көһөрүллүүгэ утаарыллыбыт биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын үйэтитэр, ахтан-санаан ааһар –  ытык иэспит. Онон кэриэстэбил күн бэлиэтин оҥорон, былырыыҥҥыттан акция тэрийэбит.  Көһөрүллүүгэ  2 тыһыынчаттан тахса киһи сырдык тыына быстыбыта. Кинилэр дууһалара бу үрүҥ туруйа курдук көттүннэр, өйбүтүттэн-сүрэхпититтэн сүппэтиннэр.  Биһиги баҕа санаабыт, сыалбыт-сорукпут диэн – бу кутурҕан  күнү Чурапчы эрэ олохтоохторо, кэнчээри ыччаттара буолбакка,  өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ бүттүүн билиэхтээх дии саныыбыт. Устуоруйа бу ынырык кэрчигэ умнуллуо суохтаах, маннык алдьархай хаһан хатыланыа суохтаах. Онон бу бэлиэ Чурапчы эрэ дьонугар буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ бүттүүнүгэр тарҕанан, хас биирдии киһи ол ааспыт ыар кэмнэри ахтан-санаан ааһыахтаах. Биһиги акциябытын өйөөбүт уонна иккис сылын успуонсардаабыт Чурапчы улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин салайааччытыгар Мотрена Николаевна Матвееваҕа махталбыт муҥура суох,” – диэн оскуола социальнай педагога Екатерина Хоютанова санаатын үллэһиннэ.

Анна Захарова.