Тохсунньу тоһуттар тымныытын билиммэккэ, 9-с чыыһылаттан cаҕалаан академик Владимир Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” XXVIII-с билим кэмпириэнсийэ – эдэр чинчийээччилэр куонкурустара бүгүн түмүктэннэ. Барыта 2000 кэриҥэ үөрэнээччи билим 13 хайысхатынан, 42 сиэксийэтинэн үлэтин билиһиннэрдэ. Ол иһигэр Чурапчы улууһуттан 71 оҕо көхтөөх кыттыыны ылла.
Кэмпириэнсийэ үөрүүлээх аһыллыытыгар, былырыын саҥа анаммыт СӨ Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова: “Саҥа сылга үөрэх бастакы күнэ бу курдук үтүө, кэлин учуонай буолуохтаах, дойдуну, өрөспүүбүлүкэни сайыннарыахтаах дьон тэрээһиниттэн — эдэр чинчийээччилэр кэмпириэнсийэлэриттэн саҕаламмыта үөрүүлээх. Быйыл сиэксийэ ахсаана эбилиннэ. Өскөтүн, былырыын 39 эбит буоллаҕына, быйыл 42 тиийдэ. Кыттааччытын ахсаана эмиэ эбиллэн иһэр, быйыл 2000 оҕо кыттар, итинтэн 10 % Арктика улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ”, — диэн эҕэрдэ тылыгар эппитэ..
Чурапчы улууһун сүүмэрдэммит хамаандатын салайааччыта, СӨ үтүөлээх учуутала, педагогическай билим хандьыдаата, Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын дириэктэрин научнай үлэҕэ солбуйааччы, СӨ билимин дьоҕус академиятын иһинэн үлэлиир координационнай киин салайааччыта Ирина Соловьеваттан быйылгы кэмпириэнсийэ туһунан туоһуластыбыт.
— Ирина Саввична, быйылгы кэмпириэнсийэ ааспыт сыллартан туох уратылаах эбитий?
— Быйылгы кэмпириэнсийэҕэ, бастатан туран, сиэксийэлэрэ элбээбит. Ааспыт сылларга 39 эбит буоллаҕына, быйыл 42 буолла. АйТи технологияны уонна креативнай хайысхалары киллэрэн биэрбиттэр. Итиэннэ бырагырааматыгар кыра уларыйыылар тахса сырыттылар. Биһиги улууспут хамаандата ол эрэн үчүгэйдик кытынна.
— Кэмпириэнсийэ оҕолор инники олохторугар туох кэскиллээҕий?
— Кэмпириэнсийэ кыайыылаахтара бэдэрээлинэй куонкурустарга кыттарга мэктиэлэнэллэр, ити оҕо киһиэхэ улахан кыаҕы биэрэр. Урукку курдук хайысхаларбытын барыларын кэриэтэ тутан олоробут. Ол курдук, Н.И. Лобачевскай аатынан үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ, “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэ, о.д.а. буолаллар. Хайысхаларынан биһиги элбэх оҕобут кыттар. Үгүс выпускниктар бу үлэлэринэн сиэттэрэн туһааннаах үөрэхтэргэ туттарсан киирэллэр, научнай чинчийиилэри ыыталлар. Ол даҕаны улахан ситиһии диэн саныыбыт.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэ үһүс сылын РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтинэн бигэргэнэр дойду таһымнаах тэрээһиннэр испииһэктэригэр киирэн турар. Манна миэстэлэспиттэр үөрэххэ киирэллэригэр эбии баал ылаллар. Онон бу улахан көрдөрүү дии саныыбын.
Бу кыайыылаах оҕолор ааттара-суоллара, үлэлэрэ салгыы дойду уһулуччу талааннаах оҕолорун испииһэгэр (Бэдэрээлинэй судаарыстыбаннай информационнай ресурс) киирэр, биһиги үөрэнээччилэрбит бэдэрээлинэй таһымҥа тахсыыларын көрдөрөр.
Маны сэргэ, “Инникигэ хардыы” өрөспүүбүлүкэ иһигэр эрэ буолбакка, сыал-сорук туруорунан, атын эрэгийиэннэри кытта эмиэ үлэлэһэр. Инньэ гынан, быйыл Чукоткаттан, Приморскай кыраайтан кэмпириэнсийэҕэ сайаапкалар киирэннэр кыттыыны ыллылар. Бу биһиги оҕолорбут, кинилэри бэлэмниир педагогтар атын эрэгийиэннэри көрөн салгыы сайдалларыгар, уопут атастаһалларыгар эмиэ кыах биэрэр.
Санатан эттэххэ, “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэни Максим Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнодогическай университет, РНА СС Саха сиринээҕи билим киинин, Саха сиринээҕи Билим академиятын, Үүнэр көлүөнэ пуондатын өйөбүлүнэн Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ, Билим дьоҕус академията тэрийэн ыыттылар.
Сэмэн Жендринскэй