Уол оҕо барахсан ханна да бардын-кэллин, куруук илии тутуурдаах, кэһиилээх сылдьара былыр-былыргыттан суруллубатах сокуон буолар. Дьоҥҥор-сэргэҕэр кураанах, илиигин сиэпкэр уктан кэлэриҥ хайдах эрэ сатаммат курдук.
Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата көҕүлээн ыыппыт муҥхатыгар киэһээҥҥи ааҕыынан 200-кэ үөрэнээччи инчэҕэйинэн, биирдии куул собону үллэстэн, дьиэлэригэр көмүс хатырык сүгэһэрдээх бардылар.
Дмитрий Соловьев, Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын учуутала: “Биһиги 8-тан 10-с кылааска диэн 48 уолу илдьэ кэлбиппит. Сорох оҕолорбут муҥхаҕа аан бастакыларын кытыннылар, бүгүҥҥү күҥҥэ элбэҕи көрөннөр соһуйдулар, үөрдүлэр. Муҥхаҕа туһаныллар тыллары биллилэр, туттар тэриллэри тутан-хабан көрөннөр астыннылар. Саамай кылаабынайа балыгы үүрээһиҥҥэ сырыттылар, онон кэлбит балык барыта оҕолор бултара диэн буолар”.
Оҕолор, күнү быһа үлэлээн, буһан-хатан, бултаан-алтаан дьиэлэригэр кэлиилэрэ туспа үөрүү буоллаҕа. “Оҕобут улаатан, эр киһилии булан-талан аһатар киһи буолбут” диэн төрөппүттэр үөрэн эрдэхтэрэ. Сонно тута эмис собону хамсаппытынан быргыччы буһаран, бары остуол тула олорон үөрэ-көтө сапсырыйа аһаан, күө-дьаа кэпсэтиһэн, Чурапчы ыалларыгар дьоро киэһэ үүнүө турдаҕа.
Муҥха түмүгэр Иван Макаров аахпытынан 200-кэ үөрэнээччи барыта холбоон инчэҕэйинэн 700-тэн тахса куул балыгы ыллылар.
Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын үөрэнээччилэрин уонна кэлэктиибин быйыл саҥардыы дириэктэринэн анаммыт Михаил Спиридонович Игнатьев бэйэтэ иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта: “Оҕолорум бука бары маладьыастар! Күөх Боллох оҕонньор бүгүн санаата көнньүөрэн көмүс хатырыктааҕыттан бэристэ, инньэ гынан бука бары балыктаах дьиэҕитигэр айанныыр буоллугут, бу барыта бэйэҕит булкут”, — диэн салайааччы киһиттэн дэҥҥэ истэр тыллары иһиттибит.
Онон Чурапчы нэһилиэгэр оҕолору төрүт үгэскэ, сахалыы сиэргэ-туомҥа, эр киһи үлэтигэр үөрэтэр үтүө тэрээһин салҕанан барар. Оттон уол оҕо барахсан, ыраас хаарга, киэҥҥэ-куоҥҥа доҕотторунуун көҥүл ыстаҥалыы оонньообутун, балык бөҕө өрөҕөтө кытарбытынан, лаһыйбытынан тахсан эрдэҕинэ, бултуйуу үлүһүйүүтэ, омуна баһыйан, муҥура суох үөрүү сүрэҕин ыга кууспутун саныы сытан, улуу булчут, улахан киһи курдук санаммытынан, күннээҕи сылаалара тахсан, харахтара сабыллан, утуйан буккуруохтара турдаҕа…
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ