Үөрэх дьыла саҕаланара бэрт кылгас кэм хаалла, онуоха улууспут үөрэҕин сорох кыһаларын үлэһиттэрэ үлэлэригэр тахсаннар сүүрэ-көтө сылдьаллар. Бүгүн о.э. атырдьах ыйын 6 күнүгэр, улууспут үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Юрий Посельскай, Чурапчы улууһун баһылыгар Степан Саргыдаевка, үөрэх кыһаларыгар анаммыт саҥа салайааччылары биир-биир киллэрэн билиһиннэртээтэ.

Саха бастакы лингибиис-учуонайа Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын дириэктэринэн Михаил Игнатьев буолла

СӨ үөрэҕириитин уонна успуордун туйгуна Михаил Спиридонович Игнатьев 1980 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгэр төрөөбүтэ, үрдүк үөрэхтээх физкултуура учуутала уонна сахалыы төрүт оонньууларга тириэньэр-преподаватель. 1997 сыллаахха Чурапчы орто оскуолатын онтон 2003 сыллаахха Чурапчытааҕы физическай култуура уонна успуорт үнүстүүтүн бүтэрбитэ. Ити сыл Чурапчы улууһун успуорка отделын исписэлииһинэн ананар ол кэнниттэн 2006-2013 сылларга Чурапчы улууһун успуорка управлениетын начаалынньыгынан таһаарыылаахтык үлэлиир. 2013-2017 сылларга улуус дьаһалтатын аппараатын салайааччытынан үлэлээн баран 2017-2024 сылларга Дириҥнээҕи агро-оскуола дириэктэринэн үтүө суобастаахтык үлэлээтэ. Санатан эттэххэ 2011-2012 сылларга СӨ Бэрэсидьиэнин иһинээҕи үнүстүүтү түмүктээбитэ. Кэргэннээх, үс оҕолоох.

Буойун-учуутал Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын дириэктэринэн Николай Попов ананна

Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо Николай Николаевич Попов 1990 сыллаахха төрөөбүтэ. Идэтин Максим Аммосов аатынан ХИФУ-га түмүктээн “Менеджмент организации” диэн исписээлинэһи баһылаабыта. Үөрэҕин бүтэрээт 2012-2015 сылларга Чурапчытааҕы кэллиэскэ преподавателинэн, Чурапчы улууһун дьаһалтатыгар кылаабынай исписэлииһинэн, 2017-2018 сылларга Хатылы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччынан оттон 2018 сылтан Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетыгар кылаабынай экономиһынан үлэлээн кэллэ. Кэргэннээх, үс оҕолоох. 

Биллиилээх судаарыстыбаннай уонна политическай диэйэтэл Афанасий Илларионов аатынан Хайахсыт орто-уһуйаан оскуолатын дириэктэринэн Аида Томская буолла

Хайахсыттан төрүттээх, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Барҕарыы” үрүҥ көмүс бэлиэ хаһаайына, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Аида Алексеевна Томская 1971 сыллаахха төрөөбүтэ. 1997 сыллаахха Максим Аммосов аатынан СГУ-гапр биология уонна химия учууталын идэтин баһылаабыта. 2007-2011 сылларга Орто Халыма улууһун үөрэҕин управлениетын кылаабынай исписэлииһинэн, 2011-2020 сылларга үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччынан үлэлээбит. 2020-2021 сылларга Орто Халыма үөрэҕин управлениетын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччунан онтон 2021-2023 сылларга СӨ үөрэҕин министиэристибэтин юридическай хааччыллыы судаарыстыбаннай сулууспатын уонна каадыр бэлиитикэтин исписэлииһинэн үлэлээбит.

Сахалартан бастакынан Үлэ Дьоруойа Роман Константинов аатынан Амма орто оскуолатын дириэктэринэн Игорь Сивцев ананна

“Саха сирин эрэлэ” бэлиэ хаһаайына Игорь Васильевич Сивцев 1989 сыллаахха төрөөбүтэ. Үрдүк үөрэҕин 2011 сыллаахха Максим Аммосов аатынан СГУ-гар бүтэрбитэ, математика уонна информатика идэтин баһылаабыта. СӨ наукатын академиятын сертификаттаах. Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыгар информатика учууталынан 2012 сылтан саҕалаан үтүө суобастаахтык үлэлээн кэллэ. Игорь Васильевич үөрэппит оҕолоро элбэх өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай конференция кыайыылаахтара, призердара.

Төлөй нэһилиэгин “Кустук” уһуйаан сэбиэдиссэйинэн Саргылана Смирникова буолла

СӨ үөрэҕириитин туйгуна Саргылана Сергеевна Смирникова 1981 сыллаахха Амма улууһугар төрөөбүтэ. 2019 сыллаахха Чурапчытааҕы физическай култуура уонна успуорт үнүстүүтүгэ педагогическай үөрэҕи баһылаабыта. “Кустук” уһуйааҥҥа 2002 сыллаахтан баспытааталынан үлэлээн үрдүкү квалификациялаах. Кэргэннээх, 4 оҕолоох.

Чурапчы улууһун баһылыга Степан Анатольевич, бүгүҥҥүттэн саҥа анаммыт салайааччылары кытары сиһилии кэпсэттэ: “Сүрүн болҕомтоҕутун үөрэх хаачыстыбатыгар, үөрэнээччилэр иитиллиилэригэр, каадыр боппуруостарыгар уурарга кыһаллыҥ. Хас биирдии үөрэх кыһатыгар туочунай наука о.э. математика предметин өрө тутан оҕолорбут ити суолу тутуһалларыгар ылсыаҕын. Оскуолаҕыт, оройуоҥҥут, өрөспүүбүлүкэ ыытар уопсастыбаннай хамсааһыннарыгар барытыгар кытыһаҥҥыт, тэҥҥэ үлэлэһэргитигэр”, — диэн ыҥырда.

“Бүгүн, хас биирдии, биһиги ыҥырыыбытын ылынан, саҥа салайааччыларынан анаммыт дьоммутун итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Хас биирдиигитин кытары билсибиппин син ыраатта уонна оттон эһиэхэ эрэлбит сүрдээх улахан. Эһиги салайыыгытыттан хас биирдии кэлэктиип, оҕолор инники олохторо тутулуктаах. Ону барытын учуоттаан олус таһаарыылаахтык, эппиэтинэстээхтик үлэлииргитигэр баҕарабыт”, — диэн Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Юрий Павлович баҕа санаатын эттэ.

Михаил Спиридонович бүгүн, сарсыарда 10.30 чааска Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын кэлэктиибин кытары көрүстэ, барыта холбоон 32 киһи кыттыыны ылла.

Санатан эттэххэ, Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын дириэктэринэн Надежда Уарова 11 сыл, Афанасий Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатын дириэктэринэн Федор Борисов 19 сыл, Роман Константинов аатынан Амма орто оскуолатын дириэктэринэн Виктория Пермякова 8 сыл, Төлөйдөөҕү “Кустук” уһуйаан сэбиэдиссэйинэн Зоя Дьячковская 22 сыл, Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын дириэктэринэн Иван Васильев 3 сыл үлэлээн кэллилэр.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ