Улахан суолталаах ыспартыыбынай тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр былаахтарын көтөҕөр чиэс түбэһиэх дьоҥҥо бэриллибэт.
“Азия оҕолоро” ыспартыыбынай Оонньуулар үөрүүлээх аһыллыытын тэлэбиисэринэн көрө олорон, “бастакы оонньууларга былааҕы кимнээх көтөхпүттэрэ буолуой?” диэн ыйытыы хас биирдиибитин толкуйдаппыт буолуохтаах. Туоһулаһан билбиппит, бэйэтин кэмигэр Чурапчы улууһун биир бастыҥ ыспарсымыана, билигин улуус мунньаҕын дьокутаата, балай эмэ улахан уопуттаах юрист кыттыыны ылан хамаанданан призердаабытын билэммит, дойдубутунан өссө ордук киэн туттарбыт күүһүрбүккэ дылы буолла.
Ааҕааччылар, букатыннаахтык өйдөөн кэбиһиҥ, 1996 сыллаахха ыытыллыбыт маҥнайгы “Азия оҕолоро” Оонньууларга былааҕы көтөхсүбүт киһинэн, 100 уонна 64 харахтаах нуучча дуобатыгар успуорт маастарыгар хандьыдаат, 1993 сыллаахха ыытыллыбыт дуобакка Аан дойду чөмпүйэнээтин оҕолорго Саха сирин хамаандатын чөмпүйүөнэ, билигин Дмитрий Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир ыспартыыбынай интэринээт-оскуола юриһа – Сергей Новгородов буолар.
Ол кэм туһунан Сергей Серафимович бу курдук кэпсээтэ: “Күн бүгүҥҥээҥи диэри итиннэ улаханнык суолта биэрбэккэ сылдьыбытым. Кэнники аҕа саастаах убайдарым “Тоҕо ити түгэн ханна даҕаны ахтыллыбатый, тоҕо биирдэ даҕаны суруллубата” диэн туоһулаһар түгэннэрэ баар буолааччылар. Онтон эн, хантан билэҥҥин, ыйыталаһан барбыккар улаханнык соһуйдум. Ол түгэн хаартыскалара хомойуох иһин бэйэбэр суохтар, ханан эрэ тэйиччи дуобаттыы олорорум эрэ баар. Былааҕы таһаарарбытыгар биһигини эрдэттэн бэлэмнээбиттэрэ. Онно мин өйдүүрбүнэн, оччолорго саҥардыы үүнэн иһэр кэскиллээх ыспарсымыаннар оттон билигин СӨ успуорка миниистирэ, көҥүл тустууга олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара Леонид Спиридонов, боксаҕа Олимпийскай оонньуулар призердара Георгий Балакшин бааллара. Онно бары оҕолор буоллахпыт. 1996 сыллаахха оруобуна оскуоланы бүтэрээри сылдьар кэмим этэ. Ол күрэхтэһиигэ Чурапчыттан син элбэх буолан кыттыыны ылбыппыт. Биһиги онно дуобакка күрэхтэспиппит, интэринээт-оскуолаттан үһүө этибит: Маша Богемова, Ганя Колесов уонна мин. Онно хомойуох иһин, Монголия хамаандата кыайыылаах тахсыбыта, биһиги хамаандабыт иккис миэстэ буолбута.
Оонньуулар тустарынан маҥнайгы өйдөбүлбүн киһи тылынан кыайан эппэт, ойуулаабат, сүрдээх улахан эппиэтинэһи сүктэхпит. Олус элбэх киһи мустубут этэ. Стадиоммут саҥардыы тутуллубут буолан сыттыын-сымардыын ураты этэ. Оннооҕор сүүрэр дорожка эрэһиинэтэ сонуннук көстөрө. Барытын хонтуруоллуу сылдьаллара. Ааһан истэххинэ ааккын этэллэр, ким иһэрин билиһиннэрэллэр – ити барыта оччотооҕу оҕоҕо улахан баҕаны уонна дойдунан киэн туттууну күүһүрдэрэ. Билигин санаатахпына, олус улахан чиэскэ тиксибит эбиппин. Урукку уонна билиҥҥи күрэхтэһиилэри тэнитэн көрдөххө, биллэн туран таһыма лаппа үрдээтэ, күүскэ сайынна. Этэргэ диэри, өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев оччолорго олус сөптөөх бэлиитикэни саҕалаан тэрийбитэ, элбэх оҕоҕо дьоллоох оҕо сааһы онтон үгүс ыспарсымыаҥҥа инникигэ хардыылыылларыгар күүстээх тирэҕи биэрбитэ”.
Сэмэн Жендринскэй