Чурапчы улууһун үөрэҕириитин үлэһиттэрин олунньу ыйдааҕы сүбэ мунньахтарын үөрүүлээх чааһа буолла (Фоторепортаж)

Бүгүн, Чурапчы улууһу үөрэҕин уонна наукатын үлэһиттэрин Олунньу ыйдааҕы сүбэ мунньахтарын үөрүүлээх чааһа буолла. Тэрээһин аан бастаан тустаах улууспут салаатын салайааччыта Юрий Посельскай публичнай отчуотунан саҕаланна. Ол курдук, үлэ сүрүн хайысхатынан дойду национальнай бырайыактарын, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ыйаахтарын, саҥа инфраструктурнай быһаарыылары уонна инновация бырайыактарын олоххо киллэрии туһунан этилиннэ.

Үөрүүлээх чааска СӨ Ил Түмэнин дьокутаата Дмитрий Поисеев, Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев кыттыыны ыллылар. Быйылгы дьыллаахха орто уонна идэлээх үөрэхтээһин тэрилтэтин матырыйаалынай-тиэхэньичэскэй баазатын саҥардыахтара, Чакыр оскуолатын уонна Сылаҥҥа, Чурапчы нэһилиэгэр “Кыталык” уһуйааннар сыбаайаларын түһэрээри былаанныыллар. Маны сэргэ, үөрэх управлениетын начаалынньыга дакылаатыгар дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туһаайыытыгар ыйбыт сүрүн соруктары олоххо киллэриигэ улахан болҕомтону ууруохпут диэтэ. Сүбэ-мунньах иитинэн улуус баһылыга Степан Саргыдаев, улууска туочунай наукаларга болҕомтону уурарга сорудахтаата, итиэннэ ЕГЭ түмүгүнэн 100 баалы ылбыт үөрэнээччи, улуус дьаһалтатыттан 100 тыһ.солк., онтон учуутала 50 тыһ.солк бириэмийэни тутар буолуохтара диэн иһитиннэрдэ. Кинилэри сэргэ үөрэнээччилэрин 90-тан тахсалыы баалга бэлэмнээбит учууталларга баһылык аатыттан 30 тыһ.солк., көрүллэр буолуоҕа.

2023 сыл түмүгүнэн улуус бүддьүөтүн үбүн сорудаҕын үрдүк көрдөрүүлээхтик толорууларын иһин 400 тыһ.солк – Уот Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолата (дириэктэр Владислав Скрябин), 300 тыһ.солк – “Туллукчаан” уһуйаан (сэбиэдиссэй Альбина Варламова), 100 тыһ.солк – “Үөрүү” оҕо сайдар киин (дириэктэр Ирина Сергеева), 100 тыһ.солк – Түөйэ оҕо саад-алын сүһүөх оскуолата (дириэктэр Майя Новгородова). Улуус баһылыгын 500 тыһ.сууммалаах гранынан Иван Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ агро орто оскуолата наҕараадаланна (дириэктэр Михаил Игнатьев). Ааспыт сыл түмүгүнэн эбии үөрэхтээһин бастыҥ тэрилтэтэ Бүтүн Арассыыйатааҕы публичнай куонкуруска лауреат диплома “Үөрүү” оҕо сайдар киинигэр туттарылынна. “Чурапчы улууһун иннигэр өҥөлөрүн иһин” 3-с истиэпэннээх бэлиэнэн педагогическай үлэ бэтэрээнэ Владимир Иванов наҕараадаланна. “Үтүө суобастаах үлэтин иһин” бэлиэлэринэн, Дмитрий Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Мария Смирникова, Чурапчы улууһун үөрэҕин салаатын исписэлииһэ Татьяна Яковлева бэлиэтэннилэр. СӨ Ил Түмэн Бочуотунай грамоталарын Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыгар өр сылларга дириэктэри хаһаайыстыбаннай үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбит Илья Теплоухов, Одьулуун орто оскуолатын оҥорон таһаарар үөрэхтээһин маастара Вера Андросова туттулар. СӨ үөрэҕириитин систиэмэтин туйгуна бэлиэнэн, Дириҥ агро орто оскуола дириэктэрэ Михаил Игнатьев наҕараадаланна. Учуутал идэтигэр бэриниилэрин, үөрэх систиэмэтин сайыннарыыга киллэриллибит кылааттарын иһин “СӨ учууталларын династиялара” бэлиэнэн Макаровтар уонна Антипиннар педагогическай династиялара чиэстэннилэр. “СӨ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэнэн Петр Васильев аатынан Мырыла орто оскуола уһуйаан бөлөҕүн иитээччитэ Марианна Сергеева бэлиэтэннэ. Научнай-методическай үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин иһин “Саха сирин методиһа” бэлиэнэн Чурапчы нэһилиэгин “Кыталык” уһуйаан сүрүн иитээччитэ Мария Кириллина наҕараадаланна. Өр сыллаах, үтүө суобастаах үлэлэрин иһин Бочуотунай грамотатын Чурапчы улууһун үөрэҕин исписэлииһэ Туйаара Филиппова уонна Чурапчы улууһун үөрэҕин суоппара Михаил Романов туттулар.

 

Чурапчы улууһун оскуолаларын икки ардыларыгар күрэхтэһии түмүгэ таҕыста:

1 миэстэ – Иван Федосеев аатынан Дириҥ агро орто оскуолата;

2 миэстэ – Дмитрий Красильников аатынан Мугудай орто оскуолата;

3 миэстэ – Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата.

Уһуйааннар ортолоругар:

1 миэстэ – Мария Спиридонова аатынан “Чуораанчык” уһуйаан;

2 миэстэ – Чурапчы нэһилиэгин “Кыталык” уһуйаана;

3 миэстэ – Чурапчы нэһилиэгин “Туллукчаан” уһуйаана.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ