Чурапчы улууһун олохтооҕо түөкүттэргэ 1.200.000 солк ыыппыт

Социальнай ситимнэргэ, ону таһынан төлөпүөн нөҥүө дистанционнай түөкүттэр элбээннэр, билигин даҕаны дьону ыраахтан олорон албыннааhын үксээтэ, “бу дьону хайдах кыайабыт, утарсабыт?” диэн сүрүн боппуруос турар.

Ити түгэҥҥэ бэйэни харыстааныы – судургу дьыала, барыта бэйэбититтэн эрэ тутулуктаах. Бастатан туран хаhан даҕаны, хайдах да балыhыанньаҕа бэйэҕит даннайдаргытын, каартаҕыт нүөмэрдэрин, төлөпүөҥҥэ кэлбит илдьиттэри кимиэхэ да этимэҥ! Интэриниэт уоруйахтара арааhынай ньыманан мончууктаан, эҥин араас албыҥҥа киллэрэллэр, ол инниттэн онно-манна киирбэт биэрбэт гына чэпчэки харчыны эккэритимэҥ, сураhымаҥ. Иккиhинэн, чэпчэки сыаналаах табаардары көрдүүртэн туттунуҥ, түөкүттэр албыҥҥа киллэрэ сатаан арааhынай биидьийэ, хаартыска ыытыахтара, “атыылаhар малгыт-салгыт бу баар, көрүҥ” диэн итэҕэтэ сатыахтара, онуоха үпкүтүн-аскытын илиигитигэр, сакаастаабыт малы, табаары тута иликкитинэ ыытымаҥ. Үсүhүнэн, биллэр саайт дуу, ютуб, инстаграмм ситимигэр инвестиция, харчы элбэтэр платформалары онорор буоллулар, дьиҥнээх харчыгытын укпуккут курдук сыһыарыыларга ыыттарыахтара, ол сыһыарыы иһигэр харчыгыт элбии турар курдук көрдөрөллөр, ону таһынан эбии харчы көрдөөннөр албыҥҥа киллэрэн, түмүгэр харчыгытын таһаараары гыммыккыт туох да табыллыбат аатыран, кэлин тиһэҕэр албыҥҥа киирэн биэрэҕит.

Ол курдук, бу кулун тутар ый саҕаланыыта Чурапчы улууһун олохтооҕо гр. П интэриниэт ситимигэр инвестиция туһунан рекламаны көрөн ссыылкатыгар киирэн бэйэтин дааннайын суруйан түөкүннэргэ албыҥҥа киирэн биэрэн 1.200.000 солкуобай кирэдьиит ылан үбүн элбэтиннэрээри уоруйахтар счеттарыгар ыытан, албыҥҥа киирэн биэрдэ. Онон Чурапчы улууһун олохтоохторо болҕойуҥ, албыҥҥа киирэн биэримэҥ! Бу дистанционнай түөкүттэри бары бииргэ кыайыахтаахпыт, тохтотуохтаахпыт!

Арассыыйа  Ис бьыалаҕа министиэристибэтин Чурапчы оройуонугар отделын

Холуобунай ирдэбил отделениета