Чурапчы улууһун күннүгэ оҕолорго туттарылынна

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр профессор Г.П.Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатыгар «Боотур уус сыдьааннара» бырагыраама чэрчитинэн  Чурапчы улууһун күннүгүн оскуолабыт үөрэнээччилэригэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардыбыт.

Күннүк ис тутулугар  Арассыыйа бэрэсидьиэнэ, СӨ Ил Дархана, Чурапчы улууһун баһылыга,  гербэлэрэ, былаахтара, гимнэрэ  киирбиттэр. Ону тэҥэ Чурапчы улууһун территориальнай тутула, хас нэһилиэктээҕэ, картата бааллар.

Үөрэнээччи быраабылата, Чурапчы улууһугар оҕо сынньанар, дьоҕурун сайыннарар кииннэрэ, Оскуола музейдара, бэлиэ күннэрэ, ааҕар кинигэлэргэ сүбэлэр,  чулуу дьоммут ааттара, кыһалара, үөрэнэргэ тирэхтэр, суол быраабылата оҕоҕо ыйынньык буолаллара олус үчүгэй.

Чурапчы улууһун сахаҕа бастыҥнара: ол курдук Сылаҥмыт киэн туттар дьоно  Г.П.Башарин- бастакы наука доктора, профессор, И.И.Сивцев-Мытыйыкы — саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээччи, Е.А.Борисов Чурапчыттан бастакы СӨ Ил Дархана, оскуолабыт эмиэ биир киэн туттар киһитэ Е.Д. Макаров РСФСР оскуолатын үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, педагогика билимин кандидата, эколог, новатор учуутал. Кини суруйбут саха норуотун суруллубатах үөрэҕэ, сиэр-майгы быраабылалара оҕоҕо өйдөнүмтүө буолалларыгар саарбаҕалаабаппыт.

Оҕоҕо дойдуга таптал,  бэриниилээх буолуу дьиэ кэргэнтэн саҕалаан, олорор уулуссатыттан, түөлбэтиттэн, нэһилиэгиттэн, улууһуттан саҕаланар. Оҕо төрөөбүт нэһилиэгин устуоруйатын, дьонун-сэргэтин, төрдүн-ууһун, үгэстэрин билэ улаатыан наада. Оччоҕо эрэ оҕо патриоттуу санаалаах буола улаатыахтара диэн эрэнэбит.

 

Прасковья Собакина, Сылаҥ орто оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччыта