Чурапчы улууһун экономическай сулууспа үлэһиттэрин чиэстээтилэр

Саха Автономията тэриллиэҕиттэн өрөспүүбүлүкэбитигэр экономическай сулууспа, оччотооҕунан Госплан тэрилтэтэ үлэтин саҕалаабыта. Онон быйыл экономическай сулууспа үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ  биир үйэлээх үбүлүөйдэрин бэлиэтээтилэр.

Үөрүүлээх дьаһалга улуус баһылыга Степан Саргыдаев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников эҕэрдэлэрин тиэртилэр, наҕараадалары туттардылар. Чурапчы улууһун экономика сулууспатын бэтэрээннэрин ааттарыттан СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна Николай Михайлов тыл эттэ.

“Оччотооҕу кэмҥэ экономистар үлэлэрэ күүстээх этэ. Үлэни-хамнаһы аттаран туруоруу, былааннааһын, эт-үүт былаанын толоруу барыта экономистар ааҕыыбытынан көмүскэнэрэ. Хронометраһы оҥоруу, оту-маһы мээрэйдээһин, тырахтарыыстар, суоппардар үлэлэрин көрүү барыта биһиги хонтуруолбутунан ааһара.

30-ча сыл экономиһынан үлэлээбитим. Онон улууһум экономиката туруктаах буолуутугар бэйэм кылааппын киллэрбит киһинэн ааҕынабын. Оччотооҕу кэмҥэ үлэлэспит Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин экономикаҕа солбуйааччытын Владимир Даниловы, Николай Ефремовы, Галина Стипулинаны, улууска наставнигым Николай Тарасовы, Иосиф Белолюбскайы, Петр Соловьеву о.д.а ахтан ааһабын.

Экономическай сулууспаҕа үлэлээбиппинэн киэн туттабын уонна биир идэлээхтэрбин бүгүҥҥү бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин”, — диэн Николай Михайлов бэлиэтиир.

СӨ Бырабыыталыстыбатын грамотатынан Алаҕартан Иван Гоголев, СӨ муниципальнай сулууспатын бэтэрээнэ бэлиэнэн Болугуртан Дария Дьячковская, Чурапчы улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ бэлиэнэн Акулина Баягантаева, о.д.а. наҕараадаланнылар.

Бэлиэтээн эттэххэ, күн бүгүн улуус үрдүнэн 35 экономист үлэлии-хамсыы сылдьар.

Елена Макаринская