Степан Саргыдаев Матрена Никитична Слепцованы кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээн туран, Ытыктабыл сылын түмүктээн, “Чурапчы улууһун ытык кырдьаҕаһа” диэн анал ааты туттарда.
«Күндү киһибит өссө да уһуннук олор, чэгиэн доруобуйаны, бигэ туругу баҕарабын», — диэн туран, сэмэй бэлэҕин биэрдэ.
Матрена Никитична билигин 99-с хаарын көрүстэ, тыыл бэтэрээнэ, 1941-1945сс. “Үлэҕэ килбиэнин иһин”, “Ийэ буолуу” 1-кы, 2-с истиэпэннээх мэтээллэрдээх. Кини Чурапчытааҕы лесопууҥҥа кассир-буҕаалтырынан пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Алта оҕо ийэтэ, элбэх сиэн, хос сиэн эбэтэ буолар.
Елена Макаринская