Учуутал күнүн көрсө Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев улуус Бочуоттаах олохтоохторун — бэтэрээн педагогтары кытта көрүстэ.
Дьаһалга Аҕа баһылык үөрэх ситимэ киэҥник, былааннаахтык сайдан иһэрин бэлиэтээтэ: «СӨ Ил Дархан Айсен Николаев салайар кэмнэригэр үөрэхтээһиҥҥэ үгүс болҕомтону ууран кэллэ. Ол курдук, кэнники сылларга оскуолаларга цифровизация эйгэтэ күүскэ киирдэ. Инникитин да федеральнай бырагырааманан киэҥ хабааннаах үлэлэр ыытыллыахтара», — диэтэ.
Маны тэҥэ улууска үөрэх таһыма, хаачыстыбата үрдээбитин сырдатта уонна саҥа үөрэх эбийиэктэрин тутуутун туһунан билиһиннэрдэ.
Салгыы дьаһал кыттыылаахтарын идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээн туран, хас биирдиилэригэр Эҕэрдэ суруктары туттарда.
Аһаҕас кэпсэтиигэ үөрэх үтүөлээх үлэһиттэрэ, биллэн турар, билиҥҥи үөрэх систиэмэтигэр сыһыаннаах интэриэһиргиир боппуруостарын ыйыттылар.
Улуустааҕы үөрэх салалтатын начаалынньыга Юрий Посельскай Дойду үрдүнэн педагог уонна уһуйааччы сыла биллэриллэн, манна туһаайыллан араас тэрээһиннэр ыытыллыбыттарын, салгыы, бу сылынан түмүктэммэккэ, уһуйааччылары уонна бэтэрээннэри кытта үлэ салҕанарын бэлиэтээтэ.
«Улууска уһуйааччы-педагогтар ассоциациялара тэриллиэҕэ. Маныаха сылы төгүрүччү үлэ ыытылларыгар бырайыак, былаан оҥоро сылдьабыт. Онон улахан уопуттаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх ытык дьоммутун кытта тэҥҥэ, эһиги көмөҕүтүнэн үлэлииргэ эрэнэбит», — диэтэ Юрий Павлович.
Марфа Петрова.