Чурапчы улууһугар Ыал саргытын сылын аһар үөрүүлээх тэрээһин буолла

Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, улууска Ыал саргытын сыла биллэрилиннэ. Ол иитинэн улууспутугар үс сыллаах «Ыал саргыта» бырагыраама үлэтин саҕалаата.

Саҥа бырагыраама сыалын-соругун, ис хоһоонун улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова сырдатта. Бырайыак улуус ыалын олоҕун  уйгутун үрдэтиигэ ананар. Сүрүн соруктарынан буолаллар: ытыктабыл өйдөбүллэрэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланарын олохтооһун, сокуонунан эр-ойох буолуу сыаннаһын, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууну, киэн туттууну үрдэтии, оҕо инники кэскилэ төрөппүттэн улахан тутулуктааҕын өйдөтүү, чөл олоҕу тутуһууну ситиһии уо.д.а.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ эҕэрдэ тылы улуус баһылыга Степан Саргыдаев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников эттилэр.

Баһылык: «Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойдуга таптал, төрүт култуураны илдьэ сылдьыы, бэйэ историяны билии дьиэ кэргэнтэн саҕаланарын бэлиэтээн туран, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын биллэрдэ. Манна сөп түбэһиннэрэн, биир ситим буолан, улууспутугар «Ыал саргыта» бырагыраама олоххо киирбититтэн үөрэбит.

Аҕа — дьиэ кэргэн дурдата- хаххата. Кини дьиэ кэргэн институтуутун сайыннарыыга оруола улахан. Онон бу анал бырагыраамабыт улахан хайысхатынан эр дьону түмүү, аҕа оруолун дьиэ кэргэҥҥэ үрдэтии, уол оҕону иитиигэ болҕомтону ууруу буолуоҕа»,  — диэн тус этиитигэр бэлиэтээтэ.

Ону таһынан кини бастакы оҕотун оҕоломмут ийэлэргэ, оҕо иитэ ылбыт ыалларга 50 тыһ. суумалаах улуус көмөтө салгыы бэриллэрин туһунан иһитиннэрдэ.

Салгыы ытыс тыаһын доҕуһуолунан Чурапчы улууһун нэһилиэктэрин эр дьонун түмсүүтүн салайааччыларын, баһылыктарын билиһиннэрии буолла. Кинилэр ааттарыттан харда тылы Болтоҥо нэһилиэгин эр дьонун түмсүүтүн салайааччыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕа күрэҕин хас да төгүллээх призера Яков Кривошапкин эттэ.

Ыал саргыта сылы үөрүүлээхтик аһар чиэскэ Хоптоҕо нэһилиэгиттэн Айаал, Валентина Новгородовтар, 50 сыл бииргэ олорбут Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторо  Николай, Екатерина Макаровтар уонна Одьулуун нэһилиэгиттэн эдэр дьиэ кэргэн Эрилик уонна  Анита Павловтар  тигистилэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, Новгородвтар дьиэ кэргэн бу күннэргэ Саха сирин аатыттан Москва куоракка ыытыллыбыт бүтүн Арассыыйатааҕы форумҥа ситиһиилээхтик кыттан, лауреат үрдүк аатын ылан, дьиэ кэргэнинэн сынньана барарга сэртипикээтинэн наҕараадаланнылар.

 

Үөрүүлээх тэрээһин сахалыы сиэринэн сомоҕолоһуу оһуохайынан түмүктэннэ.

Ити курдук, кыра оҕоттон саҕалаан бары дьону хабар элбэх хайысхалаах үлэни тэрийиигэ улуус, нэһилиэк тэрилтэлэрэ түмсэн, ыал туруктаах, дьоллоох буоларыгар үлэлиэхтэрэ.

Марфа Петрова.