Бүгүн, олунньу 7 күнүгэр, улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар суруналыыс, суруйааччы, кинигэ таһаарааччы СӨ үтүөлээх суруналыыһа, “Көмүөл” кинигэ кыһатын салайааччыта Борис Иванович Павловы кытары истиҥ-иһирэх, бэрт интэриэһинэй көрсүһүү буолан ааста.
Көрсүһүү бастакы чааһыгар, истээччилэри айар киһи долугунугар киллэрээри улуустааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Борис Иванович “Долгуннар” диэн хоһоонун ааҕан иһитиннэрдилэр.
Борис Павлов 1959 сыллаахха сэтинньи 15 күнүгэр Томпо оройуонун Кириэс Халдьаайы бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Максим Аммосов аатынан СГУ-тын устуоруйа уонна филология салаатын 1986 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитэ. Чурапчы улууһун “Саҥа олох” хаһыатыгар кэрэспэдьиэнинэн ананан кэлбитэ. 1990 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ “Саха сирэ”, “Вся республика”, “Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ” хаһыаттарга бастаан тэриллиэхтэриттэн айымньылаахтык, ону тэҥэ “Кыым”, “Киин куорат” хаһыаттарга эмиэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 2000 сыллаахха чааһынай тэрилтэ тэринэн, “Көмүөл” суруналыыстыка суолун тэлбитэ, “Далаһа” (2000), “Илгэ” (2002), “Уус Саха” (2009) сурунааллары күн сирин көрдөрбүтэ. Кини 2000 сыллаахха төрүттээбит “Көмүөл” кинигэ кыһата оччоттон-баччаҕа диэри элбэх кинигэни бэчээттээн таһааран, саха ааҕааччытыгар бэлэх уунна. 2015 сыллаахха “Печатный двор” эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥка Гран при бирииһинэн, “Чаҕыл-2002” литэрэтииринэй бириэмийэ проза номинациятыгар дипломунан наҕараадаламмыта. 2020 сыллаахха СӨ үтүөлээх суруналыыһа бочуоттаах ааты ылбыта, бу Судаарыстыбаннай наҕараада 2018 сыллаахха олохтоммута.
Борис Павловы биир идэлээхтэрэ, суруналыыстар үрдүктүк сыаналыыллар, кини туһунан бэлиэтээһиннэртэн аҕыннахха: “Киһи бэйэтин кэмин сирэйдээн көрдөрөр — кини сиэркилэтэ буолар диэн этээччилэр. Ханнык да кэмҥэ буоллун бэйэ көнө сүрүннэрин, ис дьиҥнэрин тута сылдьар, ураты өйдөөх-санаалаах, олоххо туспа көрүүлээх, кэхтибэт дьулуурдаах дьон баар. Билиҥҥи кэмҥэ оннук киһинэн Борис Павлов буолар”.
Борис Иванович суруйар эйгэҕэ 1980 сыллартан киирбитэ, оччоттон ураты көрүүлээх суруналыыс этэ. Саҥа, көҥүл тыыннаах кэм кэрэһитинэн, илдьитинэн буолбута. Борис Павлов тахсар ыстатыйалара барыта киһи болҕомтотун тардар күүстээхтэр. Кини икки кэм, икки тутул суруналыыстыкатыгар үлэлээбит киһи: Сэбиэскэй кэм уонна билиҥҥи биһиги кэммит. 90-с сыллардааҕы олох тутула, өй-санаа уларыйыытын кэмиттэн Саха саҥа суруналыыстыкатын саҕалааччылартан биирдэстэринэн буолар. Ону тэҥэ кини 10-ча кинигэ ааптара: “Үһүс Байаҕантай: Кириэс Халдьаайы”, “Аарыма булчуттар аартыктара”, “Бэйэм кэммэр командировка”, “Дьолуо”, “Көҥүл эмиэ кынаттаах”, “Сахалар дьылҕа хаан ыйааҕынан”, “Сулус түспүт сирэ”, “Өсөһүү”, “90-с хаҕыс тыаллаах сыллартан”, “Кэмҥин түһэн биэримэ”. Бастакы кинигэтинэн “Бэйэм кэммэр командировка” 1994 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта, бу суруйуу саҥа, сонун интервью жанрынан суруллубута. Манна ааптар бу кинигэ көрдөөһүн буоларын, суруналыыс быһыытынан үлэхлиир кэмигэр Саха сирин үгүстүк кэрийбитин, элбэх дьону-сэргэни көрсүбүтүн, сэһэргэспитин, ол сылдьан өрүү биири көрдүүрүн, биһиги бүгүҥҥү олохпут туһунан, дьоммут-сэргэбит, сирбит, дойдубут тустарынан кэрэни, бэлиэни, өйдөбүллээҕи, ону тириэрдэргэ пуорма, суруналыыстыка, публицистика, литэрэтиирэ барыта силбэһэн биир өйдөбүллээх кэпсээҥҥэ кубулуйуон баҕарарын бэлиэтээбит. Ити бастакы кинигэтигэр оҥорбут бэлиэтээһинин айар үлэтин тухары тутуһан үлэлээн-хамсаан кэлбитин биһиги көрөбүт.
Борис Иванович суруйааччы быһыытынан күннээҕигэ туох эрэ ураты түгэни, киһи хатыламмат быһыытын-майгытын, олохпут бөлүһүөктүү ис хоһоонун кыраҕатык таба көрөн, онуоха бэйэтин сыһыанын кэпсээннэригэр, хоһоонноругар чопчу күүстээх тылы булан тиһэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ Борис Павлов ураты, соһуччу тэҥнэбиллээх хоһоонноро ааҕааччыга киэҥник биһирэнэллэр. Хоһоонноругар, бэйиэт Борис Павлов — Кэм диэн псевдонимнаах. Борис Иванович биир киһи холугар олус таһаарыылаахтык үлэлиирин, көлүөнэтин, тус бэйэтин таҥнарбатах, туппут суолуттан туораабатах айар киһи буоларын бэлиэтиибит. Кини суруйааччы диэн эппиэтинэс, норуотун, көлүөнэтин туһугар диэн санаалаах.
Маны таһынан Борис Иванович кинигэ таһаарар үлэтэ Чурапчы улууһугар улахан суолталаах. Кини төрүттээбит, салайар “Көмүөл” кинигэтин кыһата биһиги улууспутугар, чуолаан Чурапчы улууһун устуоруйатын, үтүө-мааны дьонун-сэргэтин сырдатар, үйэтитэр – 30-тан тахса кинигэ бэчээттэнэн тахсыытыгар улахан өҥөлөөх, көхтөөхтүк үлэлэһэр, улаханнык өйүүр тэрилтэ буолар. Бу кинигэлэр истэригэр нэһилиэк устуоруйаларын сырдатар “Хайахсыт” 4 тома, “Хатылы” 3 тома, “Мугудай”, “Одьулуун”, “Хадаар”, “Хадаар нэһилиэгин Герой ийэлэрэ” 8 кинигэтэ, “Хайахсыт көһөрүүтэ”, “Хадаар култуурата”, “Дорожник” ХЭТ устуоруйата, “Чурапчы – спорт туоната”, “Уран уус аҕалар”, “Чурапчы улууһун ВИА-ра”, “Байаныыстарга махтанан” диэн улууспут култууратын араас хайысхаларын сырдатар кинигэлэр, ытык дьоммутугар Иван Павловка, Дмитрий Лазаревка, Андрей Листиковка, Николай Сибиряковка уо.д.а аналлаах суруйаалар эмиэ “Көмүөлгэ” тахсан тураллар. Итини таһынан Борис Иванович кинигэтин кыһата “Чурапчы чулуу дьоно” диэн кинигэтин сиэрийэтин олохтообута.
Эрдэ этиллибитин курдук көрсүһүүгэ саала иһэ тобус-толору, үгүс дьон кэлэннэр эҕэрдэ тыллары эттилэр, нэһилиэк баһылыктара туһааннаах наҕарадалары туттардылар. Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова бастакынан эҕэрдэлээтилэр, “Үтүө суобастаах үлэтин иһин” түөскэ анньыллар бэлиэни туттардылар. Хадаар нэһилиэгин баһылыга Афанасий Степанов, Хатылы нэһилиэгин баһылыга Вячеслав Попов, Хайахсыт нэһилиэгин баһылыга Тарас Тарасов биллэр суруналыыһы бэйэлэрин нэһилиэктэрин иннигэр үтүөлэрин иһин түөскэ анньыллар бэлиэлэринэн наҕараадалаатыгар. Урут тэҥҥэ үлэлээн ааспыт сылларын тустарынан улуус дьокутаата Ульяна Атласова, Хатылы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Мария Иустинова, култуура үтүөлээх үлэһитэ, элбэх кинигэ ааптара Мария Герасимова-Сэҥээрэ, суруналыыс-суруйааччы Терентий Кардашевскай, Хадаартан Августина Давыдова, СӨ култууратын туйгуна Наталья Захарова, улуустааҕы «Саҥа олох» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Людмила Горохова, суруйааччы Павел Федоров-Сомоҕо, Өндөрүүскэ Саабын аатынан Чурапчытааҕы кыраайы үөрэтэр уонна этнография мусуойун дириэктэрэ Афанасий Захаров, улуустааҕы Олоҥхо киинин салайааччыта, бүгүҥҥү көрсүһүүнү көҕүлээччи Дмитрий Попов, үөрэҕирии эйгэтиттэн бэрэстэбиитэл, убаастанар настаабынньык учуутал Татьяна Матвеева, Соловьев нэһилиэгиттэн кыраайы үөрэтээччи Иннокентий Собакин, Чурапчы улууһугар адаптивнай успуорт салайааччыта Иннокентий Матвеев олус үчүгэй ахтыылары оҥордулар.
“Бүгүҥҥү көрүсүһүүбүтүгэр маннык элбэх киһи “тоҕу анньан” кэлбитигэр махталбын биллэрэбин, соһуйдум, улаханнык үөрдүм даҕаны диэххэ сөп. Бэйэм айар киһи быһыытынан, суруналыыс, суруйааччы, кинигэ таһаарааччы быһыытынан үөрэммит уонна саҕалаабыт сирим – Чурапчы буолар. Ол иһин бу дойдуну наһаа күндүтүк саныыбын. “Хаһан эмитэ тиийэн дойдубар, доҕотторбор үлэбин-хамнаспын отчуоттаабыт киһи” диэн мэлдьи саныыр этим. Онон махтанабын табаарыстарбат Дмитрий Дмитриевич Поповка, Афанасий Афанасьевич Степановка. Кинилэр көмөлөрүнэн бу бүгүн мустаммыт көрүстүбүт. Кыратык аҕыннахха, мин манна 1981 сыллаахха кэлбитим. Эрдэ Ытык Күөлгэ “Коммунист” диэн хаһыакка анаммытым, онно олорор сир кыайан булбаккалар Чурапчыга утаарбыттара. Манна кэлэн “Саҥа олох” хаһыакка сатаан миэстэ тахсыбакка Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар учууталынан анаабыттара, онтон сыл аҥара Сылаҥ орто оскуолатыгар учууталлаабытым. Ити кэнниттэн эрэдээксийэҕэ миэстэм тахсан айар үлэм кэрэспэдьиэн быһыытынан саҕаламмыта. Оччолорго ити 80-с сыллар, уларыйыы кэмэ. Бастаан кэлэрбэр Ньургустан Макаров эрэдээктэрдии олорор этэ, онтон мин үлэлии сырыттахпына Петр Попов кылаабынай эрэдээктэринэн анаммыта. Ити кэмҥэ Степан Попов, фотограф Петр Оконешников, кэрэспэдьиэннэр Мария Михайлова, Светлана Смирникова уонна онтон саамай тууллар тутаах диэбиккэ диэри Иннокентий Окоемов диэн наһаа өйдөөх, улахан билиилээх профессионал киһи баар этэ. Эрэдээксийэ үлэтин барытын кини үүннээн-саҕалаан салайар этэ. Маҥнай манна кэлэн баран, Чурапчылар олус түмсүүлээхтэриттэн улаханнык сөхпүтүм. Сарсыарда буолла даҕаны эрэдээксийэҕэ бу Хадаартан, Сылаҥтан, Хатылыттан, оскуола-интэринээттэн кырдьаҕастар кэлэллэр. Ол кэлэннэр кэпсэтэллэр, “хайдах бу биһиги улууспутун салгыы сайыннарабыт”, “хайдах ыччаттарбытын иитэбит” диэн олох ис сүрэхтэриттэн ыалдьар этилэрэ, наһаа даҕаны киэҥ билиилээх, улахан патриот кырдьаҕастар оччолорго бааллар этэ. Бу ааҕан көрдөххө Чурапчыга сыһыаннаах 30-тан тахса кинигэни таһаарбыт эбиппит, элбэх нэһилиэги кинигэлээтибит. Итилэринэн барытынан киэн туттабыт, тоҕо диир эбит буоллахха биир таптыыр дойдубар син туһалаатаҕым, киһи буолбут дьылҕабар. Билиҥҥи үлэбиттэн билиһиннэрдэххэ куоракка “Ааҕар Саха сирэ” түмсүү диэн баар, онно саха тылын патриоттара, саха ыччата сайдарын, тылбыт-өспүт сүппэтин туһугар үлэлиир уопсастыба баар, ону кытары кыттыһан “КЭМ” диэн сурунаал оҥордубут. Биһиги көлүөнэбит – Саханы саха дэппит көлүөнэ, дьиҥинэн эттэххэ. Төһө даҕаны олохпут уларыйбытын иһин бэйэбит толкуйдарбытын, үгэстэрбитин эдэр ыччакка тириэрдибит киһи диэн, бэйэбит суруйар истиилбитин, санаабытын оҕолорбутугар хаалларбыт киһи диэммит баҕа санаабытынан таһаардыбыт. Инникитин даҕаны төһө кыах баарынан таһаара сатыахпыт, үп-ас кыаллабатаҕына электроннай барыйаанын оҥоруохпут”, — диэн Борис Иванович санаатын үллэһиннэ.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ