Чурапчы улууһугар регионнааҕы дьыалабыай оонньуу саҕаланна

Чурапчытааҕы успуорт институтугар илин эҥээрдээҕи «Старт» дьыалабыай оонньуу саҕаланна. Дьаһал регион социальнай-экономическай бэлиитикэтин үлэлиир механизмын тупсарыыга уонна кыһалҕалаах боппуруостары быһаарыыга ананна. Маны сэргэ сүрүн сыалынан ыччат наукаҕа кыаҕын уонна айар дьоҕурун түмэргэ сөптөөх эйгэни тэрийии буолар.

Дьыалабыай оонньуу Федерация Сэбиэтин тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл бэлиитикэтигэр уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Егор Борисов  этиитинэн тэриллэр.

«Дьыалабыай оонньуу улуус баһылыга Степан Саргыдаев көҕүлээһининэн ыытыллар. Кини эдэр каадырдары таһаарыыга улахан болҕомтону уурара хайҕабыллаах. Салайар улууһугар тус бырагыраамалары үлэлэтэр. Ыччаттар бу курдук өрөспүүбүлүкэ кыһалҕаларын быһаарыыга хамаанданан үлэлииллэрин биһириибин. Онон бу идиэйэни өйүүбүн», — диэн тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар РФ Сенатора Егор Борисов бэлиэтээтэ.

Дьаһалга Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Уус Алдан уонна Чурапчы улууһуттан эрчимнээх, көхтөөх ыччаттар, лидердэр муһуннулар. Уопсайа 49 кыттааччы 7 хамаандаҕа арахсан, икки күн устата улуус сайдыытыгар туһуламмыт инновационнай бырайыактары суруйуохтара. Сорудахтарыгар аграрнай туризм, логистика, тутуу, оҥорон таһаарыы уонна да атын өрөспүүбүлүкэбитигэр сайдыбыт эйгэлэр киирдилэр. Эдэр исписэлиистэр икки ардыларыгар бастыҥ ыччаттар улуус баһылыга Степан Саргыдаев сүбэтинэн өрөспүүбүлүкэ каадырын резервэтигэр киириэхтэрэ.

Алгыстаана Федорова, Чурапчы нэһилиэгин ыччата:

Бу дьыалабыай оонньууга бастакы холонуум буолар. Ол эрээри быйыл кыһын Николаев форумугар кыттыбытым. Онно киэбэ, хайысхата майгынныыр диэн бэлиэтээтим. Тус бэйэм иккис «Оранжевый» бөлөххө түбэстим. Хамаандабытыгар Уус Алдан, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас бэрэстэбиитэллэрэ бааллар. Сэрэбиэйинэн сорудахпытыгар «Утаҕы оҥорон таһаарыы» тиэмэтин таллыбыт. Хамаандам дьонун кытта билсэн, алтыһан, үлэбитин номнуо саҕалаатыбыт.

Оонньуу түмүгүнэн кыайыылаах хамаанда хас биирдии чилиэнэ ноутбук ылыаҕа. Иккис миэстэ буолбуттарга  сыаналаах планшеттары,  үһүс миэстэ буолбуттарга ноутбуктары туттарыахтара.  Сүрүн успуонсарынан «Туймаада» акционарнай уопсастыба буолла.

Бэлиэтээн эттэххэ, бу дьыалабыай оонньуу 2009 сылтан ыытыллыбыт «Миниистир» оонньуу саҥа киэбэ буолар. «Миниистир» оонньууга тыһыынчаттан тахса киһи кыттан, саҥа кыахтары, билиилэри ылбыттара. Чаҕылхай ыччаттар өрөспүүбүлүкэ каадырын резервэтигэр киирэн, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрсэллэр.

Марфа Петрова.