2013 сыллаахха сэтинньи 30 күнүгэр олус тупсаҕай тутуулаах “Мои документы” элбэх өҥөнү оҥорор киин маҥнай утаа арыллыытыгар нэһилиэнньэҕэ итиэннэ туһааннаах тэрилтэлэргэ кэккэ боппуруостары үөскэппитэ. “Туохха туһалаах тэрилтэ буоллаҕай?”, “Өскөтүн өҥө барыта итиннэ оҥоһуллар буоллаҕына сокращениеҕа барыы буолуон сөп” диэбит курдук кэпсэтиилэр тахса сылдьыбыт кэмнэрдээх этилэрэ.
Ол эрэн “бириэмэ барытын көрдөрөр” дииллэринии, бу тэрилтэ дьон-сэргэ олоҕун кэхтиигэ буолбакка, төттөрүтүн олоххо-дьаһахха тирээн кэлбит боппуруостарын бэрт түргэнник, табатык быһаарар киин быһыытынан бу сыллар тухары бэйэтин толору дакаастаата. Бүгүн, тэрилтэ үлэһиттэрэ итиэннэ тэҥҥэ үлэлэһэр партнердара буоланнар 10 сыллаах үбүлүөйдэрин үөрэ-көтө бэлиэтээтилэр.
Максим Ефремов, СӨ элбэх өҥөнү оҥорор киин салайааччытын солбуйааччыта: “Чурапчы улууһугар “Мои документы” отделениета, ааспыт 2022 сыл түмүгүнэн, Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортолоругар “Бастыҥ тэрилтэ” диэн ааты ылла. Ол иһин бүгүҥҥү күҥҥэ икки улахан түгэни бэлиэтиибит, үбүлүөй итиэннэ бөдөҥ куонкуруска кыайыы. Чурапчыга баар үлэһиттэрбит наһаа маладьыастар, мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьаллар. Манна кинилэр 200-кэ өҥөнү оҥороллор, кииҥҥэ 100.000 сайаапка киирбит, 40.000 сайабылыанньаны ылан толорбуттар, ону таһынан улуус бары нэһилиэктэрин кэрийэн үлэни көхтөөхтүк тэрийэллэр. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастык тэрилтэбит диэн киэн тутта ааттыыбыт”.
Матрена Сивцева, “Мои документы” элбэх өҥөнү оҥорор киин Чурапчытааҕы салаатын начаалынньыга: “Бу тэрилтэ арыллыаҕыттан 10-с сылбын үлэлиибин, кэлэктииппэр аҕыс үлэһиттээхпин. Ол онно биир начаалынньык, икки кылаабынай исписэлиис уонна биэс исписэлиис. Нэһилиэнньэни бэйэбит кииммитигэр эрэ буолбакка этиллибитин курдук нэһилиэктэри кэрийэн эмиэ үлэлиибит. Холобура, элбэх киһилээх Одьулуун, Хоптоҕо нэһилиэктэригэр хайаан даҕаны ыйга биирдэ тахсан дьону-сэргэни кытары көрсүһэбит. Биир күҥҥэ исписэлиискэ орто ноҕоруускабыт быһа барыллаан 15 киһи боппуруоһун быһаарыы буолуу, ол онно докумуон туттарааччыта 7-8 киһи буолар. Уларыыйылар биһиги тэрилтэбитигэр күннэтэ киирэллэр, ону ол диэбэккэбит улууспут олохтоохторун тустарыгар күн аайы сыралаһан туран үлэлииргэ кыһаллабыт. Инникитин даҕаны таһаарыылаахтык үлэлиэхпит диэн эрэннэрэбит. Барыта холбоон 196 өҥөнү оҥоробут, ол онтон 126-та физическэй сирэйдэргэ онтон хаалбыттара юридическай сирэйдэргэ диэн буолар. Итни сэргэ биһиэхэ босхо (элбэх оҕолоохторго, бэтэрээннэргэ, инбэлииттэргэ) уонна төлөбүрдээх (дуогабар, сөбүлэҥ баттаһыыта, нотариус нөҥүө буолбакка удамыр сыанаҕа кэлэннэр оҥотторуохтарын сөп) юридическай көмөлөр диэннэр бааллар, ону таһынан бэчээт өҥөлөрө буолаллар”.
Екатерина Аржакова, исписэлиис: “Мин бу тэрилтэҕэ 2014 сыллаахтан үлэлиибин. Үлэлиир эрэсииммит бэнидиэнньиктэн саҕалаан бээтинсэҕэ диэри. Сэрэдэҕэ 9 чаастан 19 чааска диэри үлэлиибит уоннааҕы күннэргэ 9 чаастан 18 чааска диэри олоробут. Араас кыһалҕалаах дьон кэлэллэр, уустук түгэннэр үөскүүллэр. Ол эрэн барыларын кытары кэпсэтэбит, уопсай тылы буламмыт өйдөһөбүт. Үлэбит сүрүн соруга ол – дьон туһа диэн. Боппуруостар бары быһаарыллаллар. Пандемия кэмигэр эрдэттэн суруттарыы уочарата диэн киирбитэ, бу олус табыгастаах көрүҥ буолар, ыйыллыбыт бириэмэлэригэр кэлэннэр киирэллэр. Бэйэбит испитигэр оҥорор өҥөлөрбүтүн барытын толоробут”.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Чурапчы нэһилиэгин социальнай боппуруостарга солбуйааччы Варвара Макарова, Одьулуун нэһилиэгин баһылыга Людмила Ефремова, Чурапчы улууһунааҕы социальнай харалта начаалынньыга Лидия Тосукаева, Чурапчытааҕы пенсионнай пуонда начаалынньыга Варвара Христофорова, Чурапчытааҕы миграционнай сулууспа начаалынньыга, полиция майора Аграфена Антипина эҕэрдэлээтилэр.
Маны таһынан Аграфена Аркадьевна, 14 саастарын толору туолбут ыччаттарга олохторугар саамай наадалаах улахан докумуоннарын, пааспардарын дьоро түгэҥҥэ туттарда.
Инньэ диэн туран улууспутугар элбэх өҥөнү оҥорор суос-соҕотох тэрилтэбитин улахан кыайыытынан, уон сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн тураммыт өссө даҕаны таһаарыылаах үлэни, тулууру, дьулууру, бары үтүөнү баҕара хаалыаҕын.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ