Чурапчы улууһугар Николай Сергеевич Сивцев курдук улахан кылаастаах хирург үлэлии кэлиэҕиттэн, оройуоммут хирургическай отделениетын үлэтэ биллэ тэтимирдэ. “Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн модернизациялааһын” бырагыраамма иитинэн 13 мөл.сууммалаах көһө сылдьар сабыс-саҥа цифровой рентген-аппараат кэлэн үлэтин саҕалаата.
Сэрэдэ күн о.э. кулун тутар 27 күнүгэр, Чурапчы улууһун киин балыыһатыгар рентген-аппарааты туһанан бастакы травматологическай эпэрээссийэни ситиһиилээхтик оҥордулар.
“Атаҕын тилэҕэр тостуулаах ону ааһан иҥиирин силгэлэрэ быһыта барбыт киһиэхэ травмотолгическай эпэрээссийэни оҥордубут. Титановай пластинаны туруордубут. Пластина сөптөөх установкатын хонтуруоллуур гына уҥуоҕун икки ардын биинтэлэринэн туттардыбыт. Эпэрээссийэ кэмигэр саҥа цифровой рентген-аппараат көмөтүнэн рентгеновскай чинчийиилэр оҥоһулуннулар. Урукку кэмнэргэ маннык эпэрээссийэни оҥорууга 30-40-ча эбэтэр онтон уһун бириэмэ баранара. Тоҕо диир эбит буоллахха, эпэрээссийэ кэмигэр рентген-лаборант түһэрбит снимогын рентген кабинет атын этээһигэр проявкалыы барара, онтон төттөрү аҕалан көрдөрөр буолара, ити барыта элбэх бириэмэни ылара, үлэни-хамнаһы үгүстүк бытаардара. Онтон билигин эпэрээссийэ кэмигэр рентген-аппараат түһэрээт даҕаны экраҥҥа тута көрдөрөр буолан үлэ хаамыта түргэтээтэ”, — диэн Чурапчытааҕы киин балыыһа кылабыынай бырааһын солбуйааччы Александр Максимов санаатын үллэстэр.
Кини этэринэн, быраастар аппараат көрдөрөр хартыыната дьэҥкэтин, түргэн оскуорастааҕын улаханнык биһирээбиттэр. Биллэн туран, аныгы кыамталаах, үрдүк күүрүүлээх аппараат медицинскэй өҥөнү оҥорууга сабыдыала үтүө эрэ өрүттээх буолара саарбахтаммат. Ыарыһахха да, бырааска даҕаны сабыдыала үчүгэйинэн эрэ дьайыаҕа. Быраастарбыт инникитин даҕаны эпэрээссийэ көрүҥнэригэр аныгылыы саҥа ньымалары сайыннаран киллэрэн үлэлэтээри үгүс былааннаахтар.
Сэмэн Жендринскэй