Чурапчы улууһугар быыбар сөбүгэр көхтөөх

Быыбар биир кэлим күнэ Чурапчыга көхтөөхтүк саҕаланна. Саха сирин үрдүнэн, бэҕэһээ 131 756 киhи куоластаабыт. Ордук кѳхтѳѳх куоластааhын Ѳлѳѳн (56%), Анаабыр (51%), Үѳhээ Бүлүү (44,2%), Үѳhээ Дьааҥы, Абый (37%)  улуустарыгар бэлиэтэннэ.  

Чурапчы улууһун быыбардааччылара быйыл Ил Түмэн, Улуус мунньаҕын, кэккэ нэһилиэктэр дьокутааттарын итиэннэ Төлөй, Арыылаах нэһилиэктэрин дьаһалтатын баһылыгын талаллар. Чурапчытааҕы Киин быыбардыыр хамыыhыйатын барыллааhын дааннайдарынан, Биир кэлим быыбар бастакы күнүгэр о.э балаҕан ыйын 8 күнүгэр Чурапчы быыбардааччыларын быыбарга кэлиилэрэ уопсай ахсааннарыттан 26,29 % тэҥнэспит.

Бүгүн сарсыарда 8 чаастан улуус киинигэр уонна нэһилиэктэргэ быыбардыыр учаастактар иккис күннээх үлэлэрин саҕалаатылар. «Наһаа маассабай да буолбатар, дьон кэлиитэ сөбүгэр көхтөөх», — диэн быыбар хамыыһыйатын чилиэннэрэ иһитиннэрэллэр.

 

Сэмэн Жендринскэй