Бу күннэргэ Болугурга, Соловьевка, Хатылыга дьүүллүүр сүбэ сылдьан көрдө. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Герасимов бэстибээл сыалын-соругун бу курдук сырдатар:
- Бэстибээл Улуу дойдубут Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саргылаах Сахабыт сиригэр Оҕо саас, тапталлаах Чурапчыбытыгар Ыал Саргыта сылларыгар анаан ыытыллар. Бэстибээл кэнсиэрин сүрүн тутула Аан дойду киһи аймаҕын чулуу айымньытынан ааттаммыт саха Олоҥхотугар ананна, быыстапка кыл-сиэл оҥоһуктарга тэрилиннэ. Кэнсиэр саха биллиилээх олоҥхоһута И.Г.Теплоухов-Тимофеев 155 сылынан «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхотун ис хоһоонугар олоҕуран туруоруллуохтаах. Онон быйылгы бэстибээлгэ олус улахан сорук ыйыллыбыта. Тоҕо диир буоллахха?
Бастакытынан, бу олоҥхону РСФСР уонна САССР народнай артыыһа П.М.Решетников аатынан Чурапчы народнай театрын сценатыгар талааннаах бар дьоммут кыттыыларынан олоҥхо-испэктээкил туруохтаах, муус устар ыйга көрдөрүллүөхтээх.
Иккиһинэн, олоҥхо ис хоһооно Дьиэ кэргэн, Оҕо саас, Ыал Саргыта сылларыгар сөп түбэһэр. Ол курдук олоҥхо бастакы үйэтэ ( чааһа) Айыы бухатыыра Күн Толомон Ньургустай Куо кэргэни тэрийэр дьолун иһин, бары эрэйи-мүһэли кыайан-хотон, киһитин Кулун Куллустуур тапталын ситиһэн, ыал буолан саха төрдүн ууһаталлар. Онтон иккис үйэтигэр (чааһыгар) Кулун Куллустууртан уонна Ньургустай Куоттан үс бухатыыр уол төрөөн хараҥа күүстэри, абааһылары кыайан-хотон орто дойдуга эйэлээх-дьоллоох олоҕу аҕалыыларын туһунан кэпсэнэр.
Үсүһүнэн, биһиги өбүгэлэрбит суруга-бичигэ суох кэмнэргэ улуу олоҥхобутун ыалтан-ыалга, алаастан-алааска, нэһилиэктэн-нэһилиэккэ, улуустан-улууска, уостан-уоска түһэрэн, суруктаах кэмҥэ илдьэ кэлбиттэрин, биһиги иннинээҕи көлүөнэлэр сурукка тиһэн, пленкаҕа, пластинкаҕа, араадьыйаҕа устан, кинигэ оҥорон, чинчийэн-чөмөхтөөн аҕалбыттарын биһиги аныгы дьон кэлэр көлүөнэҕэ, кэнчээри ыччакка тиэрдиэхтээхпит. Сүдү анал, ытык иэс.
Елена Макаринская
Хаартыскалар култуура салалтатын телеграм-каналыттан ылылыннылар