Кулун тутар 1 күнүттэн саҕалаан Чурапчы улууһугар уот лииньийэтигэр өрөмүөн ыытылларынан сибээстээн, 20 күн устата (субуота, өрөбүл күнтэн ураты) сарсыарда 9 чаастан киэһэ 20 чааска диэри уоту араарыахтара. Бу туһунан Чурапчытааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспа иһитиннэрэр.
Кулун тутар 1-20 күннэригэр улууска былаан быһыытынан уоту араарыахтара. Тоҕо диир эбит буоллахха, ити күннэргэ “Якутскэнерго” ПАУо Киин электрическэй ситимнэр исписэлиистэрэ Амма, Таатта, Томпо, Уус Маайа уонна Чурапчы улуустарын уотунан хааччыйар “Майа-Чурапчы” КВЛ-110кВ лииньийэҕэ өрөмүөн үлэтин ыытыахтара.
Былаан быһыытынан “Майа-Чурапчы” хайысханан сүүстэн тахса уот ситимин тирэҕин уларытыахтара. Чурапчы киинигэр дизельнэй станция бириэмэтин аттаран уоту уочаратынан холбуура күүтүллэр.
Сэмэн Жендринскэй