Саха сиригэр саамай элбэх кэтэх дьиэ хайа оройуоҥҥа тутуллубутуй?
Кэнники сылларга Саха сиригэр бэйэ бас билэр дьиэтин-уотун туттуу элбээбитэ бэлиэтэнэр. Маныаха бу чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин бырагыраамалара тирэх буолаллара ыйыллар. Өскөтүн 2019-2020 сылларга 200 тыһ.кэриҥэ кв.м дьиэни дьон туттубут эбит буоллаҕына, бүгүн ол сыыппара 400 тыһ. кэриҥэ кв. м тиийдэ.
«Кэнники сылларга чааһынай дьиэни тутуу лаппа элбээбитэ үөрдэр. Чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин бырагырааматынан бу хайысхаҕа үлэ икки төгүл улаатта«, — диэн бэлиэтиир СӨ Тутууга миниистирэ Виктор Романов.
Бэлиэтиир буоллахха, чааһынай дьиэни тутууга лиидэрдэринэн Дьокуускай куорат — 123,3 тыһ. кв. м (52 %),
Мэҥэ Хаҥалас улууһа — 14,3 тыһ. кв. м (6%),
Чурапчы улууһа — 11 тыһ. кв. м (4,7%) буолаллар.
Быйылгы сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 350 тыһ. кв. м итэҕэһэ суох иэннээх олорор дьиэни тутан үлэҕэ киллэрии соруга турар. Билиҥҥи туругунан былаан 67 %, ол эбэтэр 236,2 тыһыынча кв. м. буолан турар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ тутуу уратытын учуоттаан, дьиэни-уоту киллэрии сүрүннээн бу сыл хаалбыт төрдүс кыбартаалыгар күүтүллэр.
2018 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ 205,7 тыһ. кв.м. чааһынай дьиэ тутуллан киирбитэ. 2022 сылга бу көрдөрүү 385,7 тыһ. кв.м. тиийэн, 87 % улахан.
Саха сирэ
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй