Бүгүн, о.э. алтынньы 4 күнүгэр, Александр Федотов аатынан успуорт уораҕайыгар, Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын көҕүлээһининэн “Программа поддержки местных инициатив” бөһүөлэк үгүс олохтооҕун хабан улахан сүбэ мунньаҕа буолла.
Урукку сылларга хаста даҕаны бу успуорт уораҕайыгар тыһыынчанан киһи түмсэн, куоластаан нэһилиэк инники сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ. Ол курдук 2017 сыллаахха, 1500 киһи мустан “Айыллаан” СК өрөмүөннэнэн олоххо киирбитэ. Салгыы 2018 сыллаахха “Молодежнай” ТОС-ка сайыҥҥы уу ситимэ тардыллыбыта, “Мурун Тыымпыйа” ТОС-ка Природнай, Хатыҥнаах, Пятилетка, Нерюнгри аатынан уулуссалларга сырдатыы үлэтэ ыытыллыбыта итиэннэ Поликарп Барахсанов аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар саҥа аттракцион кэлбитэ. 2020 сылга “Чараҥ” ТОС-ка уулусса уотун сырдатыы, уопсастыбаннай баанньык өрөмүөнэ, Ленин аатынан уулуссаҕа дьон хаамар тротуара оҥоһуллубуттара. 2021 сыллаахха “Молодежнай” ТОС-ка уулусса уота холбоммута, “Спортивнай” ТОС-ка сайыҥҥы уу ситимэ тардыллыбыта, “Мурун Тыымпыйа” ТОС-ка Федоров, Севернай, Юбилейнай аатынан уулуссаларга уот ситимэ тардыллан күүстээх үлэ барбыта. 2023 сылга “Куоҕалы” ТОС-ка Дьуон Дьаҥылы, Күн Дьирибинэ, Уот Субуруускай, Куоҕалы аатынан уулуссаларга уот ситимин киллэрии, Павел Пинигин аатынан уулуссаҕа тротуар оҥоһуллуута, “Чараҥ” ТОС-ка ыспартыыбынай былаһаакканы саҥардыы үлэлэрэ бардылар.
Бүгүҥҥү улахан мунньахха бэрэссэдээтэлинэн Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, Чурапчы улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччы Егор Сивцев, сэкирэтээрдэринэн Чурапчы улууһун дьаһалтатын экэниэмикэ сайдыытын салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ Анна Листикова, Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын исписэлииһэ Динара Андреева кыттыыны ыллылар.
Эрдэ киирбит этиилэргэ олоҕуран, дьон кыһалҕатын учуоттаан, бүгүҥҥү мунньахха барыта 7 боппуруос көрүлүннэ, ол курдук:
- “Айыллаан” култуура киинигэр аныгылыы көстүүлээх парковка;
- “Марыкчаан” ТОС-ка сайыҥҥы уу ситимин холбооһун;
- “Мурун Тыымпыйа” ТОС-ка тротуар оҥоруу;
- “Чараҥ” ТОС-ка, Учууталлар ааттарынан уулусса өрөмүөнэ;
- Поликарп Барахсанов аатынан пааркаҕа оҕоло оонньуур былаһааккаларын саҥардыы;
- Маҕаайы алааһыгар Хатылы өттүттэн парковка оҥоһуллуута;
- Бырааба томторугар ыччакка аналлаах Албан аат түмэли тэрийии.
Олохтоохтор ааттарыттан “Айыллаан” киин дириэктэрэ Снежана Титова, уопсастыбанньык, “Маарыкчаан” ТОС олохтооҕо Иван Макаров, Учууталлар ааттарынан уулусса олохтооҕо Евдокия Илларионова, “Мурун Тыымпыйа” ТОС олохтооҕо Иннокентий Новгородов тыл эттилэр.
Мунньах түмүгэр, мустубут 1118 киһи бары биир тэҥҥэ, бу үөһэ ааттаммыт сэттэ бырайыак барылын 2024 сылга нэһилиэнньэ өйүүр бырагыраамматыгар киирэллэригэр анаан илиилэрин уунан куоластаан көрдөрдүлэр.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ